Page 233 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 233

айманар, сир үрдэ барыта хаан буолан кытаран көстөр. Онтон
кини туохха да түбэспитин билбэккэ эрэ хаһыытыы-хаһыытыы
өрө чиччигинээн тыыллаҥнаабытыгар, быччыҥнарын туох эрэ
быһыта ылыталыырга дылы гынаат, тыас «пис» гына түһэн ба-
ран, икки илиитэ босхо баран хаалла.

    — Быаны быста!.. Быаны быста!.. — үрдүгэр дьон сабыта
баттыылларын өрө сүксэ сатаата.

    — Тоҕо өлөрөн кэбиспэккэ тараҥнатаҕыт? Үөһэ туруҥ, мин
ыстыыгынан сүрэҕин үөлэн ылыахпын!..

    — Суох, сатаммат... Бу били аатырар Бурхалей Балтарыков
ээ... Кинини штаб тыыннаахтыы ыларга наадыйар этэ...

    — Чэ, аны куотуо суоҕа.. Бэйи, тохтооҥ!
    Хаппыт мастаах ойууру өрт уота сиэн иһэрин курдук, ыраах
саалар тыастара бачыргыыра иһиллэр.

    — Суон бирээдьинэтэ аҕалыҥ! — кини үрдүгэр баар дьон-
нор хаһыытаһаллар.

    Бурхалей, арыычча өйдөөх-төйдөөх эрдэҕинэ, тууллайан ту-
ран, өстөөхтөрү аны биирдэ охсуон баҕаран үрдүк арҕаһыгар
үҥкүүлээбит өстөөхтөрүн сүкпүтүнэн өрө сүргэйэн эрдэҕинэ,
төбөтө иккиһин «чуҥ» гына түһэн, уохтаах-күүстээх дохсун са-
наата бохсуллан хаалла. Эмиэ төһө өр бу курдук сыппытын
билбэт буолан баран, иккистээн өйдөнөн кэлиитигэр, көмнөх-
төрүн көтөхпүт суон тииттэр кэннин диэки сырсан эрэллэрэ
көһүннэ. Хаста эмэ уй-май баран хаала-хаала, хат-хат лаппы-
йан өйдөнөн кэлбитэ, айаннаан иһэр ат сампайдаах кутуруга
сарапаан курдук сахсыллан иһэрэ көһүннэ. Өстөөхтөргө тутул-
лан, атаҕастабыллаах өлүүгэ анаммытын чуолкай билэн, Бур-
халей абатыттан хаанынан сууммут сирэйин куоһаахтарынан
хараҕын уута тоҕунна: «Бэйэм акаарыбар, бардаммар ордук
өрө кимэн киирэбин диэн өллөҕүм», — диэн санаан сиргэ сил-
лээтэ. Ордук кинини эрэнэн О-лов командир биир кытаанах
сорудаҕы биэрбитин сатаан толорбокко, бэйэтэ билиэҥҥэ тү-
бэспитин үрдүгэр, төһө доҕотторун уокка уган биэрбитэ бил-
либэтин туһунан санаан харааһынна.

    Онтон өссө хараҕа сырдаан, барыны чуолкайдык өйдүүр буо-
лан истэҕинэ, Мариса өйүгэр охсулунна. Партизаннары кытта
Селенга биэрэгэр Семёнов карательнай этэрээтин тоһуйа ба-
раары турдаҕына, Бичур ортотунааҕы муус сыбахтаах намы-
һах ампаар кэннигэр Мариса ыҥыран илдьэн баран: «Бу эн
харса суоҕуҥ бэрт. Ордук харса суохтук киирсэбин диэн быс-
тахха өлөөйүккүнүй? Сэрэнэ соҕус сырыттаххына сөп буолуо

                                                                                                                                     233
   228   229   230   231   232   233   234   235   236   237   238