Page 229 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 229
суох саҥарарга үөрэммитэ, онон нуучча командирга аҕыйах
тылынан элбэх ис хоһоону өйдөтөр гына, Угун-Убур айдаа-
нын туһунан кэпсээн биэрдэ. Командир, атыттан түһэн, эмиэ
иһиллээтэ. Айдаан өссө хойдон тахсан иһэр. Маатырылыыр
саҥалар чуолкай иһиллэллэр.
— Хаарыан дьоннор... Арыычча эрдэ кэлбиппит буолбата-
ҕын, — диэн Бурхалей, абатыттан, эмпэрэлээх сүүһүн үрдү-
нээҕи хойуу хаастарын хамсатан баран, Бичурдааҕы кордуон-
тан ылыллыбыт японскай бинтиэпкэтин сомуогун сыыйталаан
көрдө.
— Табаарыс Балтарыков! Төһө да алдьархайга мээлэ түр-
дэстиэххэ сатаммат. Баҕар, кэлин өттө биһиэхэ куһаҕан буо-
луо, — диэн командир, кырыарбыт бытыгын мууһун ылан ил-
гитэлээн кэбиһэ-кэбиһэ, Бурхалей диэки көрүтэлээн кэбистэ.
— Табаарыс командир! Түргэнник дьону өрүһүйэр иһин дьа-
һалла ылыахха.
— Түргэнник дьаһал ылар бэрт наадалаах... Ол да буоллар
биһиги обуостуун, Кыһыл Кириэстиин сыҥаахтаһан тиийэрби-
тин алдьархай күүппэт. Кини бэйэтин дьыалатын онуоха диэри
оҥорон бүтэриэ. Кинилэр саҥардыы кэлбит быһыылаахтар.
Онон ыалы кэрийэн өлөрө-талыы, соччо сэрэҕэ суох сыл-
дьаллара буолуо. Онон эн первэй, второй взводтарга баар
эрэ бастыҥ сэппитин илдьэ сылдьар 100 сэрииһит баар, ону
ылаҥҥын, атаххынан хаамыма, кынаттанан көтөн тиийэн, бэрт
сэрэхтээхтик атаакалаан соһутаҥҥын, саатар дьону быыһаа.
— Бэрт сөп, истэбин, командир, — диэн Бурхалей этэн ба-
ран тумул анныгар ыаһырбыт хараҥаны тоҕо ааҥнаан иһэр
уһун субурҕа диэки көрө түстэ.
Аттарын үрдүгэр олоро түһэн, суолга көтүтэн киирэн дьон-
норун тохтотон, кыратык аймана түһэллэрин кытта, Бурхалейга
анаммыт взводтар араарыллан бэрилиннилэр. Дьон үрдүлэ-
ригэр барыйбытынан батыһан иһэр аан-туман ортотунан быһа
ыстанан барарга дылы гынарын кытта, анараа баран иһэр сир-
дэрин диэки, атахтанан хаампакка, кынаттанан көтөргө дылы
гыннылар. Түһэриллибит доруоп сомуогун курдук умса соҕус
нөрүйбүт аттаахтар көҕүстэригэр саалар ыстыыктара үөрбэ кур-
дук хороҕолдьустулар. Бэс чагда бэстэрэ бэригилдьиспитинэн
аттаахтар үрдүлэригэр саба сырсан кэлэргэ дылы гыннылар.
Икки-үс биэрэстэ сир аҕыйах мүнүүтэ иһигэр айаннанан бүтэн,
алдьархай ааҥнаабыт Угун-Убурун ортотуттан кутаалар түүҥҥү
хараҥаны хайыта салыы олороллоро көстөрүгэр тиийэн иһэн,
үрэх саҕатынааҕы бөлөх иирэлэр быыстарынан, атахтарын
229