Page 228 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 228
төбөтүттэн сылласпыттыы туттан бараннар, ууналаспытынан
бардылар. Бастакы ат туйаҕыттан тэбиллибит тибии кэнники
ат күөнүгэр бурҕайда. Аттар таныыларыттан сииктээх туман
бурҕайан тымныыны кытта охсуһан сырдыргыы хаалан истэ.
Онтон сотору соҕус буолан баран, урут баран иһэр развед-
чиктарга кэтиллэ түстүлэр.
— Пропуск!
Быһыыта, пропуск таба этилиннэ быһыылаах, туһаайбыт
саалар уостара атын сиргэ дьалбарыйан, кэлэн биир сиргэ
бөлүөхсэ түһэн, суол-иис чинчиллэн иһиитин туһунан сиби-
гинэһэн кэпсэтэ түһээт, Бурхалейдаах аттара баран иһэр сир-
дэрин диэки ууналастылар. Тумустуу үтэн киирбит тумул кэ-
тэхтэринээҕи көмнөхтөөх мастардаах тыалар, үрэх ортотунааҕы
арбахтаах иирэлэрдээх арыы талахтар барылара тоҕо үктэн-
нилэр. Бурхалейдар үчүгэй булчут курдук сундулустулар. Туох
да биллибэт...
Бу курдук балачча өр үрэҕи таҥнары айаннаан түһэн иһэн-
нэр, тараҕай киһи сүүһүн курдук, биир сыгынньах тумул үрдү-
гэр тахсан, Бурхалей, эргэрбит бэдэр бэргэһэтин устан, иһил-
лээн көрбүтэ, Угун-Убурга туох эрэ айдаан буолбут быһыыта
билиннэ. Ынахтар маҕыраһыылара, дьон саҥата, ньамалаһыы-
та имик-самык соҕустук тыа баһынан охсуллан иһиллэр. Атын
дьон истиилэригэр бутумахтык суум-саам курдук иһилиннэр
даҕаны, Бурхалей барытын араартаан иһиттэ. Разведка начаа-
лынньыга буоларын быһыытынан, Бурхалей командирга тыл-
лабыр ыытта. Мантан өссө ордук Угун-Убур айдаана кэҥээн,
тыа баһа дуораһыйан, ытыыр курдук иэрийэн энэлийэн истэ.
Хотонноруттан холдьоҕуллубут үөр ынахтар, абаларыгар, өссө
ордук энэлиһэн-сыналыһан бардылар, ол быыһыгар-ардыгар
өлөн эрэр ыксаабыт куоластар Убса-Нур эһэтин сытыы часкы-
йыытын Бурхалейга санаттылар, бөтүүктэр аҥааттар саҥалара
чугдаарда, эбиитин иккитэ-үстэ саа тыаһа доргуйталаан бытаан
соҕустук хайа кэтэҕинэн охсуллан ааста. Бурхалей ата били
Селенга биэрэгинээҕи айдаантан кэһэл буолбут быһыынан:
«Ээ, чэ, муҥнаахтар эмиэ муҥнара кэллэҕэ», — диэбиттии,
икки кулгааҕын хардары-таары таллаҥната-таллаҥната, та-
ныытын тыаһаталаан баран, иччитин тула өрө мөхсө сырытта.
Бу икки ардыгар О-лов командир, тоҥуу хаарынан быһа
ыстаннаран кэлэн, Бурхалей аттыгар «хорус» гыннарда. О-лов
атыттан түспэккэ өрө мөхтөрө сылдьан: «Туох баарый?!» —
диэн Бурхалейтан ыйытта. Бурхалей, Харасаай бурята буолбу-
тун да иһин, нууччалыы төрөөбүт тылынан саҥарартан итэҕэһэ
228