Page 231 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 231
гы курдук, туох баар күүһүнэн хойуоллаҥнаан көрөн баран, дьэ
кэбис, туһа суох диэбиттии, хат сытынан кэбистэ. Бурхалей
кини аттыгар ыстанан тиийбитэ, кыра соҕус киһи аҥаардас
ырбаахынан эрэ тоҥуу хаарга баһа тимирэ сытар эбит. Бурха-
лей үрдүгэр өҥөйөн кэпсэтэн көрбүтүгэр, анараа киһи, сутаан
өлөн эрэр торбос курдук, кэһиэхтээх куолаһынан бооҕунаан
хардарда. Бурхалей илиититтэн өрө тардан туруораары гынан
көрбүтэ: уонуттан эрэ тахсыбыт бурят уола, быһаҕаһыттан кэн-
нин кыайбакка байааттаҥныы сырытта. Кини илиитэ мас кур-
дук хороччу тоҥон хаалбыт. Онтон Бурхалей иккис киһи суолун
батыһан кыратык барбахтаат, бөлөх талах кэннигэр биир оҕо,
икки кулгааҕын саба туттан, охтуох курдук умса нөрүйэн тура-
рыгар кэтиллэ түстэ.
— Мин туох да буруйа суох киһибин, тойонуом, өлөрүмэ,
ааттаһабын, — диэн бөлүөстүбүт тылынан буряттыы саҥаран
оҕо, буулдьаттан быыһанаары, икки ытыһын сабас гынан Бур-
халей диэки уунна.
Бурхалей хайыттыбыт бараан сонноох уолу ыга кууһан ылан,
бэйэтин башлыгынан төбөтүн эрийэ охсон биэрдэ уонна сан-
ныгар бүк быраҕан, бастакы охто сытар уолга кэлбитэ, татаар
командир хайыы үйэҕэ кэлэн, бэйэтин кылгас бараан сонунан
суулаан, бэйэтэ халтаҥ хомуһуолунан турар эбит.
— Ыл, көтөх, илдьитэлии охсуох! — диэн Бурхалей түр-
гэн-түргэнник кэлбит суолун устун хаамыталаан барда.
Кинилэр талах быыһыттан, биирдии киһи көтөҕүүлээх тахсан
кэлбиттэрэ партизаннарга улахан дьикти буолан көһүннэ. Ко-
мандирдар буоллахтарына үлүйбүт оҕолору суолга ууран, ким
ордук таҥастаахтартан таҥас ылан суулаатылар.
Биир уол, кулгаахтара хатыҥ тэллэйин курдук, тарбахтара
хаппыт хахыйах абырҕалын курдук хамсаппат гына бакыччы
тоҥнор даҕаны, илдьиркэй истээх сонноох буолан, арыый
киэҥ киһи быһыытынан, Угун-Убурга тахсыбыт алдьархай ту-
һунан партизаннарга кэпсээн биэрдэ. Улууска ыал бары утуй-
буттарын кэннэ, алдьархай баар буола түспүт. Саалаах дьон
ыал-ыалы кэрийэ сылдьаннар, утуйа сытар дьону ситэ таҥын-
нарбакка быһыта сынньан, дьиэ таһыгар таһаартаан уулус-
саҕа хаайан турбуттар. Бу Угун-Убур улууһуттан аҕыйах хонук-
тааҕыта партизаннарга биэс киһи күрээбитинэн буруйдаан,
икки оҕонньору, үс эмээхсини, биир дьахтары, мустан турар
дьоҥҥо көрдөрөн туран, ыстыыгынан кэйэн, саасканан быһыта
кырбаан өлөртөөбүттэр. Сорох дьону тугу да билбэт буолуох-
тарыгар диэри быһыта сынньан кэбиспиттэр, элбэх ыал дьиэ-
231