Page 227 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 227

дуонун харабыла утуктуу олордоҕуна, соҕотохто ыстанан кии-
рэн саатын былдьаан ылбыттара. Ол икки ардыгар казарма
түннүгүн барытын саҥа-саганистар үлтү сынньан кэбиһэн ба-
раннар, тыһыынчанан ахсааннаах дьон кэлбиттэрин курдук ха-
һыытаан-үөгүлээн, кордуон саллааттарын ытыалаһыыта суох
бэриннэрэн кэбиспиттэрэ. Онтон кинилэргэ сэп да элбээби-
тэ, олохтоох дьон кыттыытынан киһи ахсаана да элбээбитэ.
Троицкосавскайтан ыытыллыбыт карательнай этэрээти Селен-
га биэрэгэр «утутууга» Бурхалей бастыҥнартан бастыҥнара
буолбута.

    Айан дьонун үрдүлэринэн көтөн күдээрийэн иһэр ыыс-туман
быыһынан чолбон сулустар имнэммит харах курдук чипчиҥ-
нии-чипчиҥнии дьөлө көрөн турдулар. Үөһээ чабырҕайынан
ур курдук уһулута ыстанан тахсыбыт чомчоҕойдордоох үрдүк
хайа үрдүттэн — бу туох айдаанай? — диэбиттии, кэлтэгэй ый,
үөмэн кэлэн, ханньаҕар сирэйинэн быган көрө сытта. Көмнөх-
төрүн бүрүммүт тииттэр түүҥҥү сиккиэр тыалтан хоҥкулдьу-
һан, айан дьонугар дорообо биэрэрдии, хамсыы турдулар. Кы-
һыҥҥы кыыдааннаах тымныыны кыайан уйбатах мутуктар бул-
гурута тоҥмут тыастарын ой дуораана өмүрэн үтүктэ түһэргэ
дылы гынар. Чаакытыйбыт суолга аттар хаамар тыастара үөр
чыычаах буолан чыбыгыраан иһиллэр.

    Этэрээт кэннинэн, иннинэн, ойоҕоһунан разведкаһыттар кү-
лүк курдук сүөдэлдьиһэн көстөллөр, аттар таныыларыттан бур-
ҕаҥнаан тахсыбыт туман, үөһэ көтөн тахсан силбэһэн, былыт
курдук таҥнары барыйан көһөн иһэн, тымныыттан сыа арыытын
сылаас хобордооххо соппут курдук, «сыр-сыр» гынан иһиллэр.

    Бары бааһынайдыы тус-туспа таҥастаах дьон уһун субурҕа-
ларын ортотугар үрдүк бараан бэргэһэлээх, уһун синиэллээх,
сирэйин тууна бааммыт киһи айаннаан испитэ. Кини этэрээт
командира О-лов этэ.

    О-лов, уһун субурҕа иһиттэн туораан, тоҥуу хаарга тахсан,
атын хантаччы тардан туран, хас да киһи нөҥүө өттүттэн Бур-
халейы ыҥыран ылла.

    — Угун-Убур чугаһаата. Онон разведканы күүһүрдүөххэ наа-
да! Баҕар, өстөөхтөр Угун-Убурга баар буолуохтара. Эн түөрт
киһини талан ылаҥҥын разведканы үчүгэйдик оҥор!..

    — Истэбин, командир! — Бурхалей, суол устун субуру-
һан иһэр аттаах дьону ойоҕосторунан сүүрдэн, бастаан иһэр
взводтан түөрт киһини талан ылла, ол кэннэ бэйэтэ бастаан,
дьонун батыһыннаран, муус килиэ чаакы буолбут суолга кө-
түтэн түһээт, чупчуруйан биэрэрин кытта, аттар, кутуруктарын

                                                                                                                                     227
   222   223   224   225   226   227   228   229   230   231   232