Page 222 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 222
рисаны үөрдэрин санаатаҕына, биир сиргэ таба турбат буолан
кэлэрэ.
Онтон улам чугаһаан, эһэ аттыгар кэлэн, баттыалаан-тар-
дыалаан көрүтэлээн баран, устунан нэмийэн, эргитэн-урбатан
бардылар.
Аҕыйахтык ону-маны кэпсэппэхтии түһэн бараннар, кыын
тыаһа «тор» гына түһэллэрин кытта, быһахтар кылбаҥнаһан,
ахтатыттан уолугар тиийэ тириитин хайыталаан, тыстарын тыыр-
талаан сүлэн бардылар. Сүлэн истэхтэрин аайы тас таман сыата
бырдьайан тахсыталаата.
Эрбантей үөрүүтүттэн барыны-бары тылга тииһэ-тииһэ, ча-
чынньыары тоһута тэпсэн, онон саҕаһалаан уот отунна. Эһэ
иһин тэлэ быһан, халыҥ хаһаны тыырдылар, бысталаан ылан
үөлүтэлээн кэбистилэр. Дьиэҕэ тиийэ охсор баҕаттан, тиэ-
тэл туттунуу буолла, тириитин хастаан ылаат, Бурхалей эһэни
сүгэнэн быһыта сынньан үөрэҕэс-үөрэҕэс араарталаан, сиргэ
тэлгэтэн кэбистэ. Эһэ тириитин тэлгэтэ быраҕан, ол үрдүгэр
олорон, өтөр-наар түбэспэтэх астарын аһаан бардылар.
Эрбантей эһэ анныгар баттаммыт кутталын кэпсээтэ. Кини
ыллан хаалбыт сыҥаах иһигэр төттөрү баҕыырдаах тиистэр
сирэйигэр уун-утары бу түһэн иһэллэрин көрбүтүн сэһэргиир.
Ол да гыннар, түөһүн туттан сүрэҕин чинчилэнэр, үөһэ уһуу-
туур; куттала өссө да ааспатах быһыыта биллэр. Бурхалей эһэ
хайдах сүрдээхтик-кэптээхтик Эрбантейы түҥнэри сөрөөн тү-
һэрэн баран, сирэйиттэн «һап» дии түһэн харбаан истэҕинэ,
сүгэни чабырҕайыгар саайан түһэрэрин кытта, бэрт кыранан
сыыһа хабан кэбиһэн баран, хойуостан түспүтүн кэпсээтэ. Бу
икки ардыгар аһаан-сиэн бүтэн, талбыт-талбыттарыттан эт-
сыа бөҕөнү сүгэн, дьиэлэригэр барар буоллулар.
Бурхалей, куолутунан, бастаан, Эрбантей кэнники буолан
хаамсан бардылар. Маарыыҥҥы арыычча сыһыллар хайыһар-
дар чэпчээбиттэр. Кинилэр хаар үрдүнэн хатыыскалаан исти-
лэр. Бэл диэтэр, Эрбантей Бурхалейга ыга анньыһан кэбистэ.
«Били дьиэбэр тиийбэккэ сиргэ охтууһубун», — диирэ, билигин
төһө баҕарар сиргэ барыах курдук буолла. Убса-Нур симилэх-
тээх сиһин халыҥ хаарын булчуттар хайыһардара хайа тэлэн
истэ. Хас да бэс чагдалары ааһан, үрүйэлэри бысталаан, ди-
риҥ мас аппаларын туораталаан иһэннэр, маһа-ото суох уһун
ньылбаан ыраас сирэйдээх хайа үрдүттэн кыараҕас чоҥкучах
үрэх сиргэ өҥөс гына түстүлэр. Бу үрэҕи туораан, өссө биир
халыҥ тыаны мүччү түһэн дьиэлэригэр тиийиэхтээх этилэр.
Хайа үрдүгэр тиийэн туран, Бурхалей салаа үрэх анараа си-
222