Page 220 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 220

— Тугу көрдүҥ? — диэн кэннинээҕи киһи халтаҥ хайыһар-
дары талырҕаччы тэбэн чугаһаан кэллэ.

    Бурхалей иин диэки ыйан, доҕоругар көрдөрөн баран, айаҕа
кырыалааҕыттан бэйэтэ муодарҕаабытын кэпсээтэ. Хамсаа-
бакка туран кыратык сибигинэһэн кэпсэттилэр. Быйыл кыһын
хас да төгүл бу курдук ииҥҥэ түбэһэн баран, ол барыта кураа-
нах буолан хаалбытынан, бу да иини иччилээх буолуо диэн
итэҕэл суох. Ол да буоллар чинчийэн көрбөккө ааһар эмиэ са-
таммат. Аччык дьон хайдахтаах да адьырҕа ынырыктаах кыылы
кытта охсуһууга киирэргэ бэлэмнэр. Сүбэлэһэн, дьөрбө бүө
быһан, аҥайан көстөр арҕаҕы чинчийэр санааҕа киирдилэр,
онон Эрбантей саатын ылан сүнньүөх ботуруону укта, Бурха-
лей, баҕар, тыаспын истиэ диэн, төннөн баран ыраахтан мас
быстан кэллэ. Сылааларыттан, хоргуйалларыттан өһөн түспүт
сирэйдэрэ-харахтара уоттанан кэллэ. Тула өттүлэрин диэки
чолбоодуспут сытыы харахтар элэгэлдьиччи көрүтэлээтилэр.
Ол да буоллар Эрбантей соҕотох Бурхалейга эрэнэ саныы-
ра. Бурхалей кэтит биилээх тэрээк сүгэтин куругар анньынан,
быһан ылбыт бүө маһын сүгэн, саатын аҥаар илиитигэр тутан
арҕах диэки хааман истэ. Сүбэлэһии быһыытынан, Эрбантей
саатын сомуогун туруоран, арҕах айаҕын кыҥаабытынан Бур-
халейы кытта кэккэлэһэн баран иһэр. Баҕалара арҕах айаҕын
былдьаабыт киһи диэн этэ.

    Ол курдук ыраас сиринэн кэккэлэһэ арҕаҕы уун-утары хаам-
сан чугаһаан истэхтэринэ, арҕах айаҕын тула нөмүрүччү түһэн
турар хаар суос-соҕотохто бурҕас гына түһэргэ дылы гынна
да, өйдүөх-саныах, туттуох-хаптыах түгэн биэрбэккэ, күрүҥ дьү-
һүннээх көҕүс күлтэрис гынарга дылы гынаат, сүрдээх-кэптээх
адьырҕа эһэ Эрбантейы самнары баттаан, кэтит түөһүнэн миинэ
түһэн, куоһахтаах үрдүк арҕаһа мөҕүллэҥнии түстэ. Бурхалей
сүгэн иһэр маһын мүччү халбарыйан кэбиһээт, кэтит биилээх
тэрээк сүгэни куруттан сулбу тардан ылан, чээл биитинэн
эһэни икки хараҕын икки ардынан кэтит мардьаҕар сүүһүгэр
саайан түһэрдэ. Адьырҕай курдук аһыыларын ардьатан, айаҕа
икки кулгаах тааһыгар дылы ыллан, Эрбантей сирэйин харбаан
түһэн иһэр эһэ анаҕастаах аһыыларын дьороҕой туттуу атын
сири хаптаран кэбистэ. Киһи төйөн хаалыар диэри сытыы-ыар
часкыыры кытта үрдүк арҕаһынан тоҥ буорга анньылла түһээт,
өстөөхтөрүн аттыгар хойуостанан иттэни баран, уһуктаах сойуо
тимир курдук тыҥыраҕын сарбатан, күн анныгар тыа адьырҕа
тойоно буолан сылдьыбыт чиэһин сүтэрэн, иҥиир ситиитин
тартаран чиччигинии сытта. Бурхалей эрчимнээх дайбааһы-

 220
   215   216   217   218   219   220   221   222   223   224   225