Page 218 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 218

диэки бэркэ эрэйдэнэн туран фазаны эҥини бултаан аһаан
олорон, сааһыары, тугу да булан бултаабакка, хоргуйан бэһи
эрэ кыһыйан сиир буолбуттара...

    Ыыһа-тумана суох гына дьэгдьийэн хаалбыт ыраас халлаан
оройуттан олунньу ыйдааҕы күн уота сис дьонун угуттуура.
Кыра соҕус сиккиэр тыал көмнөхтөөх бэһирик тииттэри хамса-
тан, үөһэттэн хомуок-хомуок көмнөхтөр түһүтэлииллэрэ.

    Бурхалей, аргыһа сылайбытын өйдөөн, биир ыраас чөҥөчөк
үрдүгэр туора түһэ сытар арыҥах маска тиийэн, хайыһарда-
рын тэбитэлээн кэбиһэн, көхсүгэр чэҥкээйи гыммыт кыараҕас
уостаах доруоп саатын устан өйөннөрөн баран, олорунан кэ-
бистэ. Кырыы курдук муруннаах, дыр курдук синньигэс хаас-
таах, сытыы уоттаах харахтаах, кэтит сарыннаах, намыһах со-
ҕус уҥуохтаах киһи аат харата, ырбыт-сылайбыт быһыынан,
Бурхалей хайыһарын суолун устун хайыһарын сыһан-соһон кэ-
лэн, Бурхалей аттыгар олордо.

    — Эрбантей! Олус сылайдыҥ дуу? — Бурхалей аргыһыгар
өрө-сала көппүт курдук буола тоһуйда.

    — Сэниэм быһынна... Сылайбытым да бэрт, аччыгым да бэрт...
Дьиэбэр кыайан тиийбэккэ, сиргэ охтобун дуу, хайыыбын.

    Бурхалей бэйэтэ даҕаны, аччыгыттан сэниэтэ быстан иһэр
этэ буолан баран, урукку иҥиирин тобоҕунан аргыһынааҕар
арыый аҕай ордук хаамар да, бэйэтин урукку хаамыытын аҥаа-
рын даҕаны кыайбат курдук сананар. Күннэтэ аайы бултуу
бардахтара аатыран, халыҥ сис тыаны сэмсии сатаан баран
кураанах тиийэллэрэ бэрт элбэхтик Марисаны хомотор да
этэ. Кини кыараҕас чоҥкучах аппа ортотунааҕы, иһирик ойуур
быыһынааҕы балаҕанын таһыгар тахсан кэтээн турар буолар.
Дьоно буоллахтарына кураанах буолан баран, ойуур быыһынан
аат харата саллаҥнаһан иһэллэрин көрөн, хомойоруттан ха-
раҕын уута сүүрэ-сүүрэ кэлэн кырыаларын тэбээн, дьиэлэрин
айаҕын аһан киллэртээн, бэлэмнээн олорор бэс үөрэтин хото-
рон таһааран аһатар үгэстээх. Маны өйдүү биэрэн, Бурхалей
абатыттан ол-бу диэки эргиллэн көрүтэлээн кэбистэ.

    — Туох ааттаах булда суох тыа буолан сордотолоотоҕой...
быйыл биһиги тыыннаах кыстыырбытын аастыбыт ээ, — диэн
Бурхалей үөһэ тыынна.

    — Биһиги бэйэбит алҕаспытыттан, бэйэбит акаарыбытыгар
сиэртибэ буолан эрэбит. Быһайын дойдубутуттан кэлэрбити-
гэр дьон санаата бэркэ аймаммыт бириэмэтин сатаан туһам-
матыбыт. Онно элбэх дьону сөрөөн этэрээт тэринэн, баай-
дартан аһы-таҥаһы сөп буоларбытынан тутан ылан бараммыт,

 218
   213   214   215   216   217   218   219   220   221   222   223