Page 214 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 214
Барыах. Бу эбэҕэ киһи истэрин тухары биир эмэ тойон өлбүтэ
суох. Барыта кумалаан икки, хамначчыт икки өлөллөр. Онон
мин баарым устатыгар этэҥҥэ айанныахпыт, — диэн тойон
хаһыытаан кэбистэ.
Бурхалей, тойон бирикээһин кэһэн, сүгүн буолар өттө суох.
Онон, куттана-куттана, тыытын хат эргилиннэрэн, үөс диэки
киллэрбитинэн барда. Тиийиэх буолар сирдэрэ — Бахтай би-
лигин даҕаны биэрэстэ кэриҥэ баар. Дэбилийэн үллэҥнии
олорор үөс диэки астаран эрдэхтэринэ, атаакаҕа киирэр сыап
курдук кэккэлээбит, хас эмэ дьаарыстардаах долгуннар то-
йонноох кумалаан тыыларын өрө сүгэн ылан биир долгун иккис
үрдүгэр, иккис долгун үһүс үрдүгэр быраҕаттаабытынан бар-
дылар. Тыылара буоллаҕына, мэктиэтигэр, ыйааһына чэпчээн,
туос тордуйаны ыыппыт курдук, ньалбыҥныы-ньалбыҥныы ик-
ки өттүнэн хардары-таары ууну баһыталаата.
Бурхалей 4 сылы быһа Басов борохуотугар матроһунан сыл-
дьан, ууга бэрт үөрүйэх этэ, онон тыыны долгун кэрдииһин
туора тардыалаан, үрдүк быллараат үрдүлэригэр бырахтар-
таата.
— Бу түөкүн, бүгүн миигин ууга симэн сиэри гыммыт эбик-
кин. Тарпахтаа!... — диэн Турахин, күөмэйэ тугу кыайыаҕынан
хаһыытыы-хаһыытыы, түгэҕэр уулаах тыы иһигэр олорон баран,
тыы икки бүүрүгүттэн ынчыктыы-ынчыктыы бобо тутуста. Тыы,
үрдүк халлааҥҥа өрө көтөн эрэрдии, чолойбутунан өрө ыста-
нан иһэн, аллара супту түһэн эрэрдии, таҥнары хойуостар.
Быһыыта, тойонноох кулут иччилэрин күөх далайга күөлэ-
һийтэлээн кэбиһэн баран, тыылара киэҥ Байкал кэтит мын-
даатыгар дьаарбайа бараары гыммыт быһыылаах. Баһын кыа-
йан салайтарбакка, бэйэтэ талбыт сиригэр ойуталаата. Аны
билигин кэннилэригэр хаалбыт арыылара, төһө да чугаһын иһин,
төннүөхтэригэр табыгаһа суох буолан хаалла, ол курдук тыала
утары буолан биэрдэ.
Бурхалей ньымалаахтык уонна эрчимнээхтик тардыалыырын
күүһүнэн, хаста да түҥнэстиэх тыы бэрт кыраттан ордон иһэр
буолан баран, хас хаспахха түстэхтэрин ахсын, дьэ, бүттүбүт
диэн өйтөн атын аргыстарга суох буолла.
Бахтайга тумул үрдүгэр көстүүлээх сиргэ олорбут дассан
бэйэтин тула өттүнээҕи аҕыстыы муннуктаах бабаарына дьиэ-
лэриниин өрүтэ эккирэһэн көстөллөр. Арҕаалаан эрэр күн,
алдьаммыт алтан тэриэлкэ курдук, ньалбыҥныы-ньалбыҥ-
ныы уу түгэҕэр тимирэн эрэр курдук буолла. Тойон: «Будда
йаабыдыык-йаабыдыык... Энэ харгии мини быыси!» — диэн
214