Page 213 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 213

тахсаннар, киэҥ халлаан киэбин устун дьаарбайан бардылар.
Кинилэр кэрийэ устан иһэр арыыларын талахтара сиргэ тиийэ
хапталдьыстылар. Кинилэр иһэр сирдэрэ арыы күлүгэ буолан,
долгун биллибэтэҕин иһин, арыыны мүччү түһэн киэҥ үөһүнэн
айаннаан баралларыгар улахан кутталлаах буолбутун Бурхалей
билэн баран, итирик тойоҥҥо тугу да эппэккэ эрдэн иһэр.

    Тойон арыгытын тобоҕун сыппайан кэбиһэн баран, эмиэ
былыргы ааспыт олохтон кэпсээн барда. Бу кэпсээни кини
саҕалаан барарыттан иһиттэххэ, эмиэ өтөр-наар бүппэт кэп-
сээн буолла. Кини былыргы Чингис хан саҕаттан ыла төрүт-
тэнэн хаалла. Тойон суоһуттан-суодалыттан төһө да толлубутун
иһин, Бурхалей аккаастанарга тиийдэ.

    — Бу кэпсээн наһаа былыргыта бэрт, онон билигин олус
наадата суох, хата ити оннугар, эн билиҥҥини кэпсээ, — диэн
баран, Бурхалей, алдьархайы оҥоһуннум диэбиттии, тойон көр-
бөтүгэр тылын былтах гыннарда.

    Бу тылы истээт, тойон хонос гына түһэн, үрдүк арҕаһынан
дьогдьойон таҕыста. Онтон туран илиитигэр тутан олорор ыл-
таһын куруускатын тыастаахтык тыы иһигэр бырахта.

    — Акаары мэник миигин буойан тохтотор эн дуо?! Эн тыла
суох Сотто кумалаан булумньуттан төрөппүт уола буолбаккын
дуо?! Ама эн ийэҕин туох аанньа киһитэ бүрүнэн эйигин төрөп-
пүт үһүө?! Кэм абааһы төрөттө ини. Куһаҕан киһи ити Басов
атыыһыт борохуотугар 4 сыл сүөһү сааҕа күппүккүнэн улахам-
сыйан бэрт буолбуккун. Соргугун самнарыам, түөкүнү!

    Бурхалей, төһө да дьадаҥытын иһин, маннык атаҕастабылы
тулуйбакка, кыыһыран кэллэ. Кини, итирик тойонтон өссө тол-
луо суох курдук буолан, сып-сытыы харахтарынан тойону өтө-
рү-батары көрөн аһартаата.

    — Ээ, оттон буойдум дуо? Оттон кэпсии ис ээ... Ол да буол-
лар мин истиэхпин баҕарбаппын...

    Турахин, тойон сутуругун туппутунан Бурхалейга бараары
тииһэн, тыыны иҥнэритэ үктээн, тыылара ууну баһыталаата.

    — Бэйи-бэйи, тыыны түҥнэрээри гынныҥ, тохтоо, һук! Көр,
тыыны түҥнэрэ сыста ээ. Бу тойон итирбитэ дьэ эрэй буолсу...

    Турахин, тыы түҥнэстээри гыммытын көрөн, олорунан кэ-
бистэ. Онтон арыы кутуругун эргийэн, өрүтэ түллэҥнии сытар
үөскэ киирэн кэллилэр.

    — Тыал олус бэргээбит. Улахан үөскэ киһи сатаан айанныа
суох. Төннөн арыыга турунуохха баар, — диэн баран, Бурха-
лей, өрүтэ даллаҥнаан эрэр тыыны эргилиннэри салайда.

    — Суох... Суох... Тыыннаах эрдэххинэ, тыыны төнүннэримэ.

                                                                                                                                     213
   208   209   210   211   212   213   214   215   216   217   218