Page 212 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 212

көрбөтөх үчүгэй кыыһа баара үһү. Ол кыыһы Турахин бэйэтэ
ойох гыныам диэн саныы сырыттаҕына, Агинскай аймак баа-
йа, мөкү ыарыыттан мунна-уоһа түһэн хаалбыт киһи, кэлэн:
«Миэхэ бу кыыһы ыарахан сыанаҕа атыылаа», — диэбит. Кыыс
буоллаҕына көрөөт, сирэн уҥан түспүт: «Атыылаама, миигин
бэйэҥ илдьэ сырыт», — диэн Турахины ааттаһа сатаабыт. Ту-
рахин кыыһын атыылаамыан саныы олордоҕуна, анараа баай:
«Чэ, биир тыһыынча солкуобайга аҕал», — диэн, кыыс сыана-
тын биирдэ быһа этэн кэбиһэр. Бачча улахан сыанаҕа хайдах
биэрбэт буолуой? Кыыһы биэрэн ыытар. Кыыс, бараары ту-
ран, Турахин диэки хоргуппут хараҕынан көрөн кэбиспит уонна
ытыы-ытыы, тахсан барбыт. Бу баран аҕыйах хоноот, ыйанан
өлбүтэ үһү. Манан Турахин соҕотохто баай киһи буола түһэр.
Тас Монголияҕа барыта үс төгүл тахса сылдьан, 24 кыыһы аҕа-
лан атыылыыр. Онтон сомуоҥҥа уонна аймакка тойон буолар,
бүтүн Бурят сиригэр биллэр атыыһыт буолар.

    Былыр Кяхта дьаарбаҥкатыгар араас дойду тойотторо бары
мунньусталларын кэпсээн барда. Манна нуучча уонна Кытай
сүҥкэн атыыһыттара ким-хайа иннинэ кэлэн киниэхэ дорообо
биэрэллэрэ үһү. «Бу киһини мин билэр киһим, киниэхэ атыы-
лаа», — диэн кини этэн биэрбит киһититтэн ол атыыһыттар
кууһунан атыылаһар эбиттэр.

    Кэнники 1905 сыллаахха Чита куоракка илин Бурят уоба-
лаһын съеһэ буолбутугар, Турахиҥҥа тиийэр «үтүө» киһи кэл-
бэтэх. Онон арай Турахин туран Государственнай думаҕа Бу-
рят сириттэн үс киһини представитель ыытар туһунан көрдөһүү
түһэрэргэ эппит. Онно салгыы бу бурят норуотугар Олосун
чоҕулган тэрийэр туһунан ис дьыала министригэр көрдөһүү
ыытар туһунан тыл киллэрбит. Бу курдук былыргы төрүттэ-
рин саҕаттан бэйэтин үйэтигэр тиийэ сирийэн кэпсээн ба-
ран, Турахин: «Былыр бу дойдуга биир үөрэхтээх англичанин
кэлэ сылдьыбыта. Кини мин төрүттэрим ыраахтааҕыттан ыл-
быт чыыннарын, мэтээллэрин остуолга уурдаран баран, бэйэм
икки мэтээлбин кэтэрдэн олорон хаартыскаҕа устубута. Ону
илдьэн кини мин туспунан бэйэтин дойдутугар кинигэ суруйуох
буолар этэ, ол кинигэ суруллан тахсыбыта буолуо. Онон мин
аҥаардас нуучча сиригэр биллэрбин ааһан, аан дойду улуу
омуктарыгар биллибит киһибин», — диэн кэпсээнин бүтэрдэ.

    Турахин тойон бэйэтин киһиргэтинэн лабаҥхалыырын Бур-
халей истиэн баҕарбатар даҕаны, буойан тохтотор кыаҕа суох
буолан, саҥата суох истэн иһэр. Бу икки ардыгар чуумпу хал-
лаан киэбэ уларыйан, арҕаа саҕатыттан хара былыттар айманан

 212
   207   208   209   210   211   212   213   214   215   216   217