Page 217 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 217

Кинилэргэ хаһан эмэ көрсүһэн ааһар ыаллара буолуохсут
бурбет-монголлар сигилилэрэ эмиэ сөп түбэспэтэҕэ. Онон бу
Убса-Нур икки Байкал икки ардыларыгар айылҕаттан бэрт тос-
ту-туора туспалар баалларын элбэхтик ырытан көрө сатыыл-
лара. Кинилэр санааларыгар айылҕа мааны кыыһа Байкал
эбит буоллаҕына, айылҕа көйгө кыыһа Убса-Нур буолуон сөп
курдук этэ. Бу «мааны кыыстан» «көйгө кыыска» кинилэр сыр-
дык тыыннарын тэскилэтэн кэлэн хаалбыт эбиттэр.

    Бурхалей, ыар санааҕа саба баттатан, кэннигэр иһэр ар-
гыһа кини киэҥ хардыытыгар киэптэтэн сырата быстан иһэ-
рин өйдөөбөт буолан баран, халыҥ хаар үрдүнэн икки халтаҥ
хайыһары хардары-таары сыһа тардыалаан, көмнөҕү тумнары
бүрүммүт хойуу сиһик талахтар быыстарынан үрдүк сис дьог-
дьоотугар өрө дабайан тахсан испитэ...

    Быйыл күһүн Байкалтан күрээн, Тас Монголияҕа киирэн
кэлбиттэрэ. Онно кинилэргэ икки суолтан биири талыы тирээ-
битэ. Бурхалей — Убса-Нур сиһигэр кэлэргэ эппитэ. Эрбан-
тей икки Мариса икки Далайнор күөл таһынааҕы халыҥ сискэ
барарга эппиттэрэ. Бу мөккүөргэ Бурхалей кыайыан иннигэр,
Урга куораттан Алтан Булук диэн дэриэбинэҕэ күрүөйэхтэри
тутарга ананан карательнай этэрээт кэлбитэ иһиллибитэ. Онон
Далайнор суола бүөлэнэн хаалар курдук буолбута. Икки киһи
этиитэ биир киһи этиитин кыайыа да эбит буоллаҕына, суол
аһаҕаһын аанньа бу «көйгө кыыс» суолун тутан хаалбыттар. Ол
иһинэн тахсыбыт эрэйдэргэ-кыһалҕаларга Бурхалей бэйэтин
кэргэттэригэр эппиэттиирин оннугар, «Алтан Булук», — диэн
биир эрэ тылынан хоруй биэрэн кэбиһэр этэ. Ол курдук айан-
наан истэхтэринэ, Турахин маныыһытыттан уорбут икки аттара
сотууҥҥа өлөн хаалбыттара. Арай били Атен кинээс сарайыт-
тан уоруллубут орловскай сүүрүк ордон хаалан, таһаҕастарын
онно ыҥырдан, Марисаны ону мииннэрэн бу дойду сирэйин
көрбүттэрэ.

    Ол кэлэннэр, киһи сылдьыбат сиригэр балаҕан оҥостон,
быйыл кыстаан олороллор. Бу олорон аҕыйах соҕустук бур-
бет-монголлары көрүстэхтэринэ: «Биһиги Далайнор таһынан
олохтоох баргун-буряттарбыт», — диэн кырдьыктаннарар эти-
лэр. Ити тылынан албыдыйан, Кяхта атыыһыттарыгар бултуур-
га кэпсэппит дьон буолан, дьону кырдьыктаннарбыттара. Аны
туран Эрбантей били орловскай сүүрүгү өлөрөн сииргэ тыл
киллэрбитин, Бурхалей Марисалыын буолбакка, ханна эрэ
ыраах өтөр-наар тиийбэт сиргэ уостаан кэбиспиттэрэ. Онон
кинилэр арай бултаатахтарына аһыыр буолбуттара... Күһүн

                                                                                                                                     217
   212   213   214   215   216   217   218   219   220   221   222