Page 219 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 219

Байкал хайаларынан куотан сылдьыбыппыт да эбитэ буоллар,
быйылгы үрүҥ хаар үрдүгэр таба ылларыа суох этибит, — диэн
Эрбантей, хараҕыттан уу таммалыы-таммалыы, кэпсээн барда.

    Олохторун эрэйин уонна алҕаһаабыттарын туһунан муҥа-
тыйан кэпсэтии туох да туһаны аҕалбатын билэ-билэ, кыһый-
быт эти тарбанар курдук, барыны-бары була-тала сатаан
кэпсэтэн бардылар. Хиргис-Нур күөл таһынааҕы монголларга
барар туһунан кэпсэтии буолан иһэн, ыраахтааҕы Ургалааҕы
представительствотын үспүйүөннэрэ баар буолуохтара диэн
куттал муҥурдаан кэбистэ. Онтон урааҥхайдарга барарга кэп-
сэтэн иһэннэр, онно икки сылы быһа олорбут экспедиция дьо-
но баар сурахтара эмиэ бүөлүү түһэн кэбистэ. Онон барыны
талан көрбүт иһин, барыта, кэлии үүтүн курдук, бүөлэнэн хаа-
лан истэ.

    — Чэ, баран көрүөх, — диэн Бурхалей хайыһардарын атаҕын
төбөтүгэр иилэ анньыталаан, уруккутун курдук аам-саам хааман
барда. Кини кэнниттэн Эрбантей бэлэм хайыһар суол устун,
тайаҕынан чиэстэнэн арычча хааман, батыспытынан барда.

    Бу сис үрүҥ хаарын үрдүнэн сүүрэр атахтаах сылдьыба-
таҕа уһугулаабыт булчуттар санааларын түһэрэн кэбистэ. Арай
онно-манна көмнөхтөр батарыта түһэн, тыа хаарын алдьап-
пыттара көстөр. Сис оройуттан ыраах маһы быыһынан үрдүк
хайалар көҕөрө-мэндээрэ көстөллөр.

    Бурхалей аргыһа мөлтөөбүтүттэн, кини дьиэтигэр кыайан
тиийиэ суох быһыытыйбытыттан бэркэ куттана-санааргыы ис-
тэ. Сотору-сотору кэннин хайыһан көрүтэлиир буолан хаалла.
Төбөтүн түөһүгэр ыһыктан кэбиһэн баран, доҕоро аатын эрэ
үнүөхтээн ыраах хаалан иһэр. Бу иһэр сирдэриттэн дьиэлэрэ,
Бурхалей сэрэҕинэн, түөрт дириҥ мас аппаны туораталаан
тиийиллэр сиргэ баар буолуохтаах эбит. Ол дириҥ аппалар
үрдүк эниэлэрин Эрбантей хайа да күүһүнэн дабайыа суох
курдук буолан хаалбыт.

    Өрө дабайыыларын бүтэрэн, сис дьогдьоотун таҥнары атын
аппа баһын диэки сыҕарыйан истилэр. Таҥнары түһүү тардыы-
та ырбыт дьону арыый түргэтэттэ. Хараҥа аабылаан сиһик
ойууру кытыытынан кэрийэ өрт уота сиэбит даркы лааҥкы
мастары быыстарынан, хаар үрдүгэр быган кытаран олорор
сэтиэнэхтээх үрүйэ баһыгар киирэн иһэн, Бурхалей халдьаайы
быарыттан таҥнары өкөччү үүммүт суон тиит анныгар оҥойор
иини көрөн, чугус гына түһэн, одуулаан турда. Түгэҕэ көстүбэт
дириҥ хороон айаҕа кыра соҕус кырыалааҕа Бурхалейы бэркэ
сэҥээртэ.

                                                                                                                                     219
   214   215   216   217   218   219   220   221   222   223   224