Page 215 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 215

туох билэр малыыппатын ааҕа истэ. Ол быыһыгар туох тыл
куһаҕана баарынан Бурхалейы кырыыр. «Икки илииҥ тоҕонох-
хунан быстан түстүн, хараҕыҥ тэһэ сытыйан атаҕыҥ төбөтүгэр
тоҕуннун!» — диэн хаһыытаан этэр. Бурхалей арыыга тохтоору
гыммытын кини бэйэтэ ыгылытан киллэрбит абатыгар хар-
дары тугу эмэ этиэн баҕардар даҕаны, тыын былдьаһыытыгар
эрдиитин кытта астаһарыттан бокуой буолан эппэт. Бурха-
лей, бэрт быһый, бөҕө киһи, онон туох да сэрэҕэ суох баар
күүһүнэн тардыалыан, эрдии уга имиллэҥниириттэн сэрэнэн
туттуна соҕус иһэр.

    Кытыы диэки чугаһаан истилэр. Улуу хайа Улан Ходо күлүгэ
ууга түһэн, мэктиэтигэр өҕүллэҥнии-өҕүллэҥнии, өрүтэ экки-
рии сытта. Кытыыга үрүҥ күүгэннэр өрүтэ үллэн тахсаннар,
өлбүт куба курдук, умса бүгүйэхтии сыталлар. Былларааттаах
бааллар, элэйбиккэ дылы таас биэрэк үрдүк мындаатыгар үөмэ
түһээри гыммыттыы, өрүтэ ыстанан баран, эрэсиинэ курдук
таҥнары тардан ылыыларыгар, куоһуу хаһыллыбыт куоһаахтар
аппах-ньимик гына түһэллэр.

    Үрдүк таас хомону кэриччи үүнэн барбыт кытыан иирэлэр,
сэбирдэхтэрин тиэрэ бүрүнэн, хаптас гына түһэ-түһэ, улуу
хайаҕа үҥэ-сүктэ боҕуйа тураллар. Кытыыга батары саайыл-
лыбыт баҕаналарга тимир иилэҕэс быанан кэлгиллэн турар
оҥочолор, кырыылаах түөстэринэн суураа кумаҕы үлтү лиги-
йэллэр, кыра тыылар оҕо биһигин курдук биэрэҥнэһэн ойо-
ҕосторунан охсуллаллар.

    Маннык алдьархайга Хоро тойоно түбэһэн иһэрин көрөннөр,
улуус бастаах дьоно бары үөһэттэн ньылайан түспүт бөдөҥ-
бөдөҥ таастардаах биэрэккэ киирэн тугу гыныахтарын билбэк-
кэ, мээлэ кытыыга төттөрү-таары сырса сылдьаллар.

    Турахин кытыыга чугаһаан иһэн: «Бар дьон абырааҥ! Бур-
халей түөкүн ууга симэн өлөрөрө кэллэ», — диэн ынырыктаах
ыар куолаһынан хаһыытаан хардьыгынаата. Бу хаһыыттан Бур-
халей бүгүн долгуҥҥа куттал тахсыбыт «буруйун» олоччу сүгэ-
рин бүк ылынан кэбистэ.

    Улахан оҥочолор быыстарынан туһаайан кэлбиттэригэр, бү-
тэр тиһэх биир долгун тыыны үрдүк арҕаһыгар сүгэн аҕалан:
«Дьэ, итинтэн антах бэйэҕит хайдах баҕарар буолуҥ!» — диэ-
биттии, тааска быраҕаат, эрэсиинэ курдук кэтит тылын төттөрү
тардан ылла. Кытыыга быраҕыллыбыт тыы төбөтүгэр элбэх
илиилэр сарбаҥнаһа түстүлэр, ол кэннэ аргыстарга туруох бо-
куой биэрбэккэ, тыыны салааска курдук соһон ыллылар.

    Тыы ортотугар олоро көһүйбүт тойону Атен кинээс уонна

                                                                                                                                     215
   210   211   212   213   214   215   216   217   218   219   220