Page 211 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 211
хос эһэтэ, Пётр Великэй ыраахтааҕыны көрсүһэ бара сылдьы-
быт. Оччоҕо бу бурят сиригэр — Уда, Курба, Селенга өрүстэр
сүнньүлэринэн, Чихой, Хиек истиэптэригэр Арҕаа Сибииртэн
нууччаны көһөрөн аҕалан олохтоон эрэллэрин үҥсэ бара сыл-
дьыбыт. Бу барарыгар ыраахтааҕы тойотторугар 4 ат ындыы-
та саарбаны уонна хара саһылы бэрик илдьэн биэрбит. Бу
кэнниттэн, ыраахтааҕы тойон, үөрэн-көтөн, Сахиял Турахины
бэйэтин дьиэтигэр илдьэ олорбут. Онтон туран хас да үрүҥ,
кыһыл көмүс мэтээллэри наҕараада биэрэн, дойдутугар то-
йонунан анаан ыыппыт. Ол кэлэн Сахиял Турахин сааһын туха-
ры, оччотооҕу дьиикэй хараҥа буряттары имири-хомуру тутан,
тойон буолан олорбут.
Оттон ийэтин аҕата, Саян Саянов буоллаҕына, эмиэ бэрт
«үтүө» киһи үөскээн ааспыта үһү. Кини бастаан Тас Монголия
ханнарын кытта билсиһэн, ол ханнар сүбэлэринэн, бэрт элбэх
дассаннары туттарбыт уонна «Чаган дари ихэ» диэн лаамалар
союзтарын тэрийбит. Онтон туран Екатерина Второй ыраах-
тааҕы ыҥыртаран ылан дьиэтигэр кэргэн гынан бэрт өр илдьэ
олорбут. Саянов сирэйинэн даҕаны ханна да үөскээбэтэх үчү-
гэй киһи эбитэ үһү. Ыраахтааҕы хотун онон да ордук мэҥийбит.
Аны туран ыраахтааҕы хас эмэ мэтээлинэн наҕараадалаан ба-
ран, хас эмэ нуучча аҕабыыттарын биэрэн, дойдутугар төттөрү
ыыппыт. Саянов дойдутугар эргийэн кэлэн, били «Чаган дари
ихэ» союзтан аккаастанан, нуучча миссионерскай общество-
тын тэрийэн, православнай вераҕа дьону кытыарар. Маныаха
оччотооҕу «акаары» буряттар, православнай вераны ылыммак-
ка мундуйдаспыттар. Саянов сүр суостаах тойон буолан, аҕал-
быт аҕабыыттарын батыһыннара сылдьан, күүһүнэн сүрэхтэ-
тэлээн барар. Сүрэхтэнэргэ буолумматах дьону, кыһын, үлтү
таһыйтаран баран, маска түүрэ кэлгийтэрэн киллэрэн, муус-
таах ойбоҥҥо уктаран туран сүрэхтэтэрэ үһү.
Турахин мантан салгыы бэйэтэ норуокка оҥорбут «туһатын»
кэпсиир. Кини оҕо эрдэҕиттэн баай киһи норуокка «туһаны»
оҥорорун чуолкай өйдүүрэ үһү. Ол иһин баайын тугунан ор-
дук хаҥатыан була сатыы сылдьан, дьэ, биир бэрт сүбэни
булан ылар. Оччоҕо Тас Монголияҕа дьахтар сыаната бэрт
чэпчэки эбит. Бастыҥ дьахтар 50 солкуобайга тиийэрэ үһү.
Кини улаатаат, онон Тас Монголияҕа барар. Ол тиийэн дьада-
ҥы арааттар кыргыттарын атыылаһар. Сороҕун таах харчыга
ылар, сороҕун ойох ылар аатынан ылар. Онон биир сырыыга
13 кыыһы аҕалар. Балары аҕалан дойдутугар кырата биир-
дии мөһөөх атыылаабыт. Ол 13 кыыс иһигэр киһи күн анныгар
211