Page 208 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 208

быт. Айан дьонун иннилэригэр ыраах биэрэги кэриччи үүммүт
имиллэҥнии турар күөх иирэлэрдээх арыы көстөр.

    — Чэ-чэ, тарпахтаан ис! Тугу аала сатыы олороҕун. Баҕар,
билигин тыал түһүө, — диэн тойон, кэһиэхтээх күөмэйинэн, күр-
гүйдүү соҕус, төһө баар күүһүнэн эрдэн иһэр киһини ыгылытан
биэрэр. Маныаха Бурхалей, тугу да хардарбакка, абатыттан си-
рэйин өрө мынньаччы туттан кэбиһэн баран, аҕылыы-аҕылыы
бэйэтигэр туох да саппаас хаалбатынан, дириҥ-дириҥник бы-
раҕыталаан тардан биэрдэ уонна тыытын баһын көстөр арыы
диэки туһаайан кэбистэ. Турахин тойон ити да үрдүнэн ыгылы-
тан күргүйдүү истэ.

    — Туох баар күүспүнэн эрдэбин ээ, мантан ордук хайдах
эрдиэмий? — диэн Бурхалей мээлэ ньүдьү-балай кыһарыйыы-
га ынчыктыы-ынчыктыы хардарда.

    Кинилэр бу Байкал тоҕойун быһа астаран Харасаайтан Бах-
тай улууһугар баран иһэр этилэр. Турахин тойон ойоҕо Бах-
тайга этэ. Кини Бахтайтан Харасаайга Мугучай Баянов тойон
туттарар дассанын маастарын уонна икки болуотунньугун ат
сарайа баттаан өлөртөөбүтүн туһунан силиэстийэ оҥорон ба-
ран, дьиэтигэр төннөр буолбутугар, Баянов Бурхалейы эрдии-
һитинэн булан биэрбитэ. Оттон Бурхалей буоллаҕына, Бахтай-
га тойону тириэрдэ таарыччы, бэйэтэ эмиэ биир наадалаах
этэ. Бурхалейы киһинэн аахпыт, таптаабыт киһи онно баара.
Агинскай аймак бурятын кыыһа Мариса сэндээриччи көрбүт
ыраас хараҕа, кини ис киирбэх дьүһүнэ, ыксалга ыга ылларан
иһэр Бурхалей өйүгэр-санаатыгар бу баар курдук көстөрө.

    Аргыстар икки ардыларыгар өстүйбүт хараҕынан көрсүһэн
кэбиһэртэн атын туох да суох буолан хаалла. Ол курдук өр
соҕус айаннаан, арыыга чугаһаатылар, иирэлэр сэбирдэхтэрэ
илбиргэс курдук тэлибирэһэн көһүннүлэр. Арыыга чугаһаан
иһэн Турахин тойон, уолугунан мөтөйө-мөтөйө киэбирэн оло-
рон, Бурхалейы тобулу кынчарыйбыта уурайан, тула өттүн эр-
гиллэн көрүтэлээтэ уонна үрдүк остоох саппыкытын иһигэр
илиитин уган сототун тарбанна. Кини тарбаннаҕын аайы эбии
минньигэһиргээн, мэктиэтигэр, аҕылыы-аҕылыы тарбаммах-
таан баран, кэнники саппыкытын бүтүннүү устан ылан, кирээс-
тээх кээнчэтин арааран тиэрэн, сурук ааҕан эрэр киһи курдук,
кэтэҕин кыҥначчы туттан олорон, сииктэрин көрө-көрө, тыҥы-
раҕынан ыгыталаан, тугу эрэ «бултаата». Онтон «бултаабыт»
тыҥыраҕын, силлээн баран, өттүгэр соттон кэбистэ уонна ата-
ҕын таҥнан, уруккутун курдук, эмиэ өттүк баттанна.

    Арыы кытыы өттүнээҕи хомотугар тахсан кэлэллэрин кыт-

 208
   203   204   205   206   207   208   209   210   211   212   213