Page 205 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 205
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Уулаах Уйбаан быраатын кэриэһин толороругар ханнык тол-
куй төрүөт буолла? Иэстэһии дуу, эбэтэр өй-санаа тобуллуу-
тун түмүгэ дуу?
2. Дьоруой инилэриттэн туох уратылааҕый? Олоҕу киэҥник анаа-
ран көрөр дьоҕура, киһи аайы бэриллибэт мөкүттэн үтүөнү
оҥорон таһаарар ураты майгыта Уулаах Уйбааҥҥа кэриэһи
толороругар көмөлөстө дуо?
3. Уулаах Уйбаан кимий: эргэ олоҕу саҥанан солбуйбут киһи
эбэтэр киһитийии үрдүк таһымыгар тахсыбыт норуот өйө-
санаата дуу?
Тыыннаах тыл
Олох тосту уларыйыытын күөнүгэр боростуой үлэһит киһи кы-
һалҕалара, өйүн-сүрэҕин мөккүөрдэрэ. Тыын быстар, өлөр-өһөр
куттал көстүүлэрэ уонна санаа күүһэ.
«Кыра киһи» уонна «саҥа киһи» диэн өйдөбүллэри Уулаахха сы-
һыаран быһаарыҥ.
Олоҥхо уонна олох алтыһыыта. Эрилик Эристиин «Кэриэс туо-
луутугар» үстэ төхтөрүйэн (бастаан Кыра Хабырыыһы тутуохта-
рын иннинэ, иккиһэ — Уулаах Уйбааны бандьыыттар истиилэрэ,
үсүһэ — былаас уларыйбытын кэннэ) олоҥхолооһуну олус са-
табыллаахтык киллэрбит суруйааччы. Ааптар олох быһаарыы-
лаах түгэннэрин ойуулууругар олоҥхо суолтата.
УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР
1938 сыллаахха «Кэриэс туолуута» сэһэн бэрт эрэйдээхтик су-
руллан бүппүтэ. Ити сыл Эрилик Эристиин хараҕынан көрбөт
буолбута. Бу бэрт кыһалҕалаах, ыар кэмҥэ киниэхэ суруйары-
гар көмөлөһөөччү быһыытынан С.Н. Анисимов диэн эдэр оҕону
аныыллар. Кини ол кэми маннык ахтар: «Сайыҥҥы күн тахсыы-
тыттан (дьахтар ынаҕар туруоҕуттан) киэһэ үс туман түһүөр диэ-
ри үлэлиирэ. Күнүс биирдэ, арыт иккитэ боростуойдук аһыыр-
быт. Сайын устата биир да баскыһыанньаны тутуспат, өрөөбөт
этэ… Хаҥас ханныктык эмэтик көрөр хараҕынан улаатыннарар
тааһынан — лупанан көрөн, кумааҕытыгар умса түһэн сытан
суруйара… Ол эрээри ити сыралаах үлэни, кэлин төбөтүгэр ох-
205