Page 200 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 200
туһунан суланан кэпсээтэ. Ол үлүтүүгэ буруйдааҕынан Ло-
ҕуй буолбутун эттэ. Ол курдук Лоҕуйга бара сылдьан үлүп-
пүтүн, кини онно туох нааданан барбытын, ону Лоҕуй барытын
ылыммакка испитин түөрэ сэһэргээн биэрдэ. Ол олорон, атах
ороҥҥо Саһааннаах олорорун көрөн, хаана-сиинэ дьэбидийэ
түстэ. Дьиэ иһигэр барыта уонтан тахса киһи олороллоро.
Биир эмэ сэнэх таҥастаах, сэргэх дьүһүннээх киһи суох этэ.
Ол бары өр дьылларга ыар баттыгас хара сабардааһыныттан
буомурбут Өргөннөөх ыалларын дьонноро этилэр.
Уулаах өссө кыһыйыан иннигэр, Ачаарап ойоҕо Настаа киир-
дэ уонна били кини аттыгар олорор киһини кытта кэлэн до-
рооболосто.
— Сэмэнчик, кэпсиэ, тугу иһиттиҥ? — диэн хотун, куолаһын
соруйан кэҥэтэн-кыаратан, аҕыйах тыл иһигэр араастаан кубу-
лутан саҥарбыта бүтүннүү Уулаахха аба-сата буолан киирдэ.
— Дьон ситэ мустуо ыраах, онон олоруохтааҕар, Мэхээ-
лискэ икки Уулаах иккини хардары-таары ыллатан истиэххэ, —
диэн, били Сэмэнчик диэн ааттыыр киһилэрэ, күлэ-күлэ, икки
оҕонньору хардары-таары көрбөхтүү олордо.
Ырыа туһунан кэпсэтиигэ дьон бары көх-нэм буолан кэл-
лилэр. Мэхээлискэ оҕонньор төттөрү этиэх курдук буолтун,
дьон бары модьуйуута тохтотон кэбистэ. Оҕонньоттор, көннөрү
ырыаны ыллыыртан аккаастанан, олоҥхо ырыатын ыллыырга
сөбүлэннилэр. Онон били Уулаах кулубаларга соруйан тиэ-
рэ ханарытан олоҥхолообут олоҥхотуттан ылланар буолла.
Мэхээлискэ оҕонньорго Кылааннаах өргөстөөх Кыыс Ньургун
ырыатын бүк сүктэрэн кэбистилэр. Уулаах буоллаҕына, Буура
Дохсун ырыатын ыллыырга сөбүлэннэ.
— Мин бэйэм олоҥхом ырыатыттан ыллыам этэ. Ити олоҥ-
хону олоҥхолооботох олоҥхом. Былыр Уулаах олоҥхолуурун
истэрим да, умнан кэбиспиппин, — диэн Мэхээлискэ аккааста-
нан көрдө да, бары саба түһэн этэн ылыннардылар.
Били көтөр кынаттаах кыыл кэлэн сэргэ үрдүгэр дугуйдаан
түһэн олордоҕуна, Кыыс Ньургун кыыһыран-абаран ыллаабыт
ырыатын үтүктэн, оҕонньор уохтаах-күүстээх дьахтар киһи ха-
тан-дьыбар куолаһынан ыллатан барда. Кыыс Ньургун Буура
Дохсуну буруйдаата: төрүттэрин саҕаттан турбут түүлээх тү-
һүлгэни түҥнэри сөрөөбүтүнэн, сэттэ үйэҕэ турбут сиэллээх
сэргэни сиҥнэри сипсийбитинэн, эһэтин саҕаттан ичигэс эр-
киннээх иэримэ дьиэтин иҥнэрбитинэн, аҕатын саҕаттан аал
уоттаах алаһа дьиэтин алдьаппытынан. Ол курдук ыар-ньаҥсах
тойугу туойтаран бүтэриитигэр:
200