Page 199 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 199

адаар төҥүргэстэр быыстарынан арҕаа диэки хаамтаран ба-
ра турда. Кунан, үөрдэриттэн арахсыбыт абатыгар, ыҥыра-
на-ыҥырана, бэйэтин хараҥа иччитин хара сиргэ соһон, күр-
гүөмнээх үлэ аартыгын аан бастаан тэлэн, хааман истэ.

    Хонуу барыта харааран баран, өссө даҕаны куоһаах сирдэр
хаардара туттарыһан сыталлар. Элэйбит курдук кынаттаах
элиэлэр, күөх куйаар үөһүгэр тэлиэс-былаас охсунан ыла-ыла
көтө дайан, үҥкүүлээн эрэрдии бидьигинэйэ-бидьигинэйэ,
бэйэлэрин дьырылас ырыаларын ыллаабыттар. Тыа иһэ бары-
та чыып-чаап ырыанан туолбут. Үөр кустар, таҥнары сатыы-
лаан, алаас кытаҕар түһэ сыһа-сыһа, төттөрү мэтэриһэн тах-
сан, эмиэ ханна эрэ баран хаалаллар. Бу барыта кыһыны быһа
сыппыт киһиэхэ дьикти этэ. Хайдах эрэ бу маннык көтөрдөөх-
сүүрэрдээх, маннык үтүө салгыннаах, маннык кэрэ киэргэл-
лээх дойду биэрэгэр соҕотохто тахсан кэлбит курдук буолла.
Туох барыта дьолу-соргуну күүппүт кэмнэрэ этэ. Ол курдук
сир-дойду синньэ күөҕүнэн симэнээри, сис тыалар чээл күөх
мутукчанан үллүнээри, минньигэс салгынынан сайа тыынал-
лара. Бу кэмҥэ көтөр кынаттаах бииһин ууһа барыта, оҕо-уруу
үөскэтэн, олоро түһэн ааһаары, кэлбит сирдэригэр ой-бото уйа-
ларын тэриммитинэн барбыттара, бу кэмҥэ сүүрэр атахтаахтар
тугуттарын батыһыннартаабыттара. Бу кэмҥэ Өргөннөөх ыал-
лара бэйэлэрин эрэйдээх-буруйдаах аас-туор олохторун дьол-
лоох олоҕунан — колхоһунан — уларыттарга соруммуттара.

    Кыараҕас алаас ортотунааҕы ыаллар көһүннүлэр. Уулаахтар
кунаннарын кыараҕас, бытаан хардыытынан иннилэрин диэки
сыҕарыйан истилэр. Ыал дьиэтин таһыгар хас да ыҥыыр аттар
баайыллан тураллар.

    Уулаах уола оҕуһун олбуор иһигэр киллэрдэ уонна илдьэн
дьиэ айаҕар туора тартаран кэбистэ. Уулаах туран, куолутунан
кылыйан тиийэн, сири кытта тэҥ гына батары түһэн хаалбыт
боруоктаах халҕаны аһан, тайаҕын кытта ыалдьар атаҕын урут
уган, онтон бэйэтэ нөрүйэн, киирэн кэллэ уонна уҥа ороҥҥо
олорбут дьоннортон биирдэстэрин эрэ кытта кэлэн дорообо-
лосто. Ол киһи нууччалыы тигиллибит мааны таҥастаах, ньы-
лаҕар соҕус үрдүк сүүстээх, хойуу хаастаах, өһөс бурулҕа ха-
рахтаах, кэтит сарыннаах, саар тэгил уҥуохтаах хара бараан
киһи этэ.

    — Нохоо! Тугу иһиттиҥ, хайдах сылдьаҕын? — диэн Уулаах
кэпсэтэн барда. Кинилэр иккиэн өр билсибэтэх олохторун
туһунан, хардары-таары ыйыталаһан, кэпсэтэн истилэр. Он-
тон Уулаах, атаҕын үлүтэн, быйыл кыһыны быһа лип сыппытын

                                                                                                                                     199
   194   195   196   197   198   199   200   201   202   203   204