Page 194 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 194

нигэр тиийбитэ, уола, таҥаһын сыыһын додоччу таҥнан, биир
түөһэйбит кырдьаҕас ыты, моонньуттан быалаан, сиэтэн, тыа
диэки баран эрэрин булан ылбыта.

    — Ханна бардыҥ, тоҕо ыты сиэттиҥ? — диэн Уулаах уолу
түҥ-таҥ сахсыйбыта.

    — Оттон эһиги мин илиибин, быстаран ылан, бырахтаран
кэбиһээри гынар буолбаккыт дуо? Мин илиибин быстарыам
кэриэтэ кыыл барабын, — диэн уол ытамньыйа-ытамньыйа эп-
питэ.

    — Тугуҥ ытай!
    — Ыппын эһиэхэ хаалларыам дуо? — уол кииримээри өрө
хатаастыһа сылдьыбыта.
    Уулаах, маны саныы-саныы, хараҕын уута эбии саккыраан,
сыттана сытар чомпой бэргэһэтин дэлби сытыппыта...
    «Мин, арай өлбөккө, дойдубар эргийэн тахсыым. Оччоҕо
мин хайдах сатаан бассабыык буолуохпунуй? Тугу да билбэ-
тим-көрбөтүм бэрт буоллаҕа. Ээ, чэ, хайдах да баайдары ута-
ры турдахпына сөп. Кыһаннахпына, син үөрэнэн иһиэм... Чэ,
төлөрүйбэт булгу биир санаа. Оҕом кэриэһин толорботохпуна,
бу дойдуга киһи буолан сылдьыбатаҕым ордук», — диэн Уулаах
булгуччулаах биир санааны ылынна.

          Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Бандьыыттар өлбүт дьон таҥаһын былдьаһыылара, бэйэ-бэ-
        йэлэригэр күөнтэһиилэрэ ааҕааччыга туох санааны үөскэ-
        тэрий?

    2. Ханнык көстүүлэр бандьыыттар дьиикэй, кыыллыы быһыы-
        ларын ордук чаҕылхайдык арыйалларый?

    3. Дириҥ аһыы бэлиэлэрин суруйааччы ханнык түгэннэринэн
        көрдөрөрүй?

    4. Бандьыыттар көнө дьүүллэригэр эрэнэр Уулаах Уйбаан туох-
        тан ситимнээн «төлөрүйбэт булгу биир санаа» диэн кытаа-
        нах быһаарыныыга тиийдэ?

    (IV, V уонна VI главаларга ыстаап тойоно Уулаах Уйбааны
ытарга дьаһайбытын, Доодороп кулуба кулубалар күрэхтэһии-
лэригэр олоҥхолотоору быыһаан ылар, ол «өҥөтүгэр» өлүүттэн
быыһаммыт Уулаах Уйбаан, Хабырыыс өлүгүн тиэйэн, дьиэ-
лиир. Кинини Хабырыыс эһэтэ Миитэрэй оҕонньор, ийэтэ Өлөөнө
эмээхсин аймана көрсөллөр. Киэһэ Настаа хотун уонна Ньа-

 194
   189   190   191   192   193   194   195   196   197   198   199