Page 193 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 193
лар. Күрдьүк кэтэҕэр илдьэн аҕыйахтык букунаспахтаан баран,
доруоп тыаһа тоҕо ыстанан, хайалар кэтэхтэринэн эҥсиллэн,
дуораһыйан, ыраатан барда. Уулаах кулгааҕа чуҥ гына түһэргэ
дылы гынна уонна сүрэҕэ, өрө мөхсөн, уолугар тахсан, тыына-
рын мэһэйдииргэ дылы буолла, сирэйэ итийбэхтээтэ. «Кини
билэр эбит», — диэн иһиллибэт гына саҥарда уонна, хараҕын
уута табырҕаччы таммалыы-таммалыы, айаҕалыы сатаан, кы-
рыарбыт сиэли тараабыта буола турда.
Хаайыылаахтартан биирдэстэрин, наһаа үлүйэн нэһиилэ
тыынар киһини, өлүөрдэригэр көтөхтөрөн, дьиэҕэ киллэртээти-
лэр. Кинилэри, ортотунан билиилээх ампаар дьиэ хаҥас хо-
һугар киллэрэн, хаайталаан кэбистилэр. Уулаах, бүгүҥҥү күнү
быһа айаҕынан тыыламмыта уурайан, төһө да тоҥнор, иттэргэ
эмиэ кыһаммакка, хараҥа хос түгэх муннугар орон оҥостон,
сытан кэбистэ уонна, хараҥаҕа балыйтаран: «Хабырылла бо-
куонньук сырдык дууһатын, таҥара, харай», — диэн кириэс-
тэннэ. Хаайыылаахтар бары, манна кистэнэн хаалаайабыт
диэбиттии, им-ньим, тэлгэтиллибит соломо үрдүгэр соннорун
саптан, сытан кэбистилэр. Арай били илиитэ-атаҕа хороччу
тоҥон хаалбыт киһилэрэ тиҥиргэччи ынчыктыыра иһиллэр...
Оттон дьиэ уҥа аҥаарыгар күлсүү, кэпсэтии, күөстэнии. Өр-
гөннөөххө тахсан, дьону тутан киирбит дьон, алта олоругас
дьону тутан киирбиттэрин суостаах сэриигэ эрдээхтик кыр-
гыһан билиэн ылбыттарын курдук, бэйэлэрин киһиргэтинэ кэп-
сэнэллэрэ иһиллэр.
Уулаах барыны бары саныы сытта. Кини өйүгэр Кыра Ха-
бырыыс оҕо эрдэхтээҕитэ киирдэ. Саҥардыы тылланан эрэр
уол тугу саҥарбытын барытын өйдөөтө. Биирдэ сайын Уулаах
тыаҕа мас кэрдэ турдаҕына, кыра уол, эт этин кумаарга дэлби
сиэтэн баран, тиийэн кэлбитэ.
— Нохоо! Тоҕо кэллиҥ?! — диэн Уулаах хаһыытаабыта.
— Икки кумаар сиэбититтэн биирдэрин өлөрдүм ээ, — диэн
баран, уол куобах хараҕын курдук саһархай хараҕынан төгү-
рүччү көрөн турбута.
Уулаах итини санаан, икки хараҕын уута, сирэйин куоһаах-
тарыгар баһыллан таһымнаан, икки иэдэһинэн сүүрүгүрэ сыт-
та. Биирдэ саас, күн уһаан эрдэҕинэ, буоспаны утары быһыы
быһааччы кэлбитэ. Оччоҕо Хабырыыс биэстээх этэ. Кини,
илиитин быстарымаары, хотон иһигэр түспүтэ. Уулаах улахан
уолаттары, күүһүнэн соһон аҕалан, быстартаабыта. Онтон үсү-
һүн, Кыра Хабырыыһы, тутан таһаараары хотоҥҥо киирбитэ,
уола онно суоҕа. Уулаах, хотон айаҕынан тахсан, хаһаа кэн-
193