Page 190 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 190
айаннаан бардылар. Эмиэ уһун субурҕа хара туман суол устун
көттө, дуҕалар эмиэ өрүтэ эккирэстилэр.
Уулаах эмиэ, атаҕын ахчатан, сыарҕа икки баттыгыттан тэ-
бинэн баран, атын кытары тардыаласта. Эмиэ киһитэ-сүөһүтэ
суох иһийбит үрэх тыатын баһа куугунаата.
— Уулаах, эн өлбөккө дойдугар эргийэр күннээх буоллаххы-
на, мин убайдарым эргийэн кэлэр күннээх буоллахтарына, мин
ааппыттан кэриэс тылла тиэрдээр. Кинилэр хаһан даҕаны мөл-
төөбөккө, бүтүн үйэлэрин тухары, бүтүн олохторун солуоктаан
тураннар, Советскай былаас туругурарын иһин, баайдартан
баттаммыт үлэһит бааһынай өрөгөйө үрдүүрүн иһин, дьоллоох
көҥүл барҕарарын иһин биир санаанан, биир өйүнэн дьиҥ
большевиктыы охсустуннар, дьиҥнээх большевиктар буоллун-
нар. Уулаах, эн акаары киһи буолбатаххын. Ол гынан баран
сааһыҥ тухары баайдарга саба баттатан, өй-санаа сайдыба-
тах, муҥкук, куттаҕас киһигин. Эн өйдөө, саллар-саас тухары
баайдар хара батталларын уонна ол батталлаах баайдары сир
сирэйиттэн суох гына эһэр иннигэр, Советскай былааһы ту-
ругурдар уонна букатыннаахтык бөҕөргөтөр иһин, Советскай
былааска күүскүн-уоххун харыстаммакка, эрдээхтик көмөлөс.
Бу миэнэ аба-сата ортотугар бүтэр тиһэх, кэриэс этиим. Ону
толоруох тустааххыт.
— Дьэ бэрт өлүү, доҕор. Туой өлөрү эрэ саҥараҥҥын, —
диэн Уулаах хардарда уонна бу барсан иһэр дьонун «көнө
дьүүллэригэр» эрэнэ санаата.
Кыһыҥҥы кылгас күн киирэн, барыамах буолан барда. Эл-
бэх систэр, үрүйэлэр кэннилэригэр хаалан истилэр. Туман
үрдүнэн Амма үрдүк хайалара ураадыһан көһүннүлэр. Онтон
сотору соҕус буолан баран, ньим хараҥа буолла. Халлаан
оройугар били Бакыр икки хотунун бииллэригэр-оноолоругар
тигиллибит таастар курдук сулустар тырымныы умайдылар.
Биир тумул тыаны быһа түһүүгэ кэмэ-кэрдиитэ биллибэт ыыс
туманынан сабардаммыт киэҥ хочоҕо киирэн кэллилэр. Ыраах
барыйан көстөр тыа иһигэр уоттар кылахачыһан көстөллөр.
— Чэ, Уулаах, аҕал илиигин, букатын бырастыылаһыах!
Уулаах, ытыы-ытыы илиитин уунан, кэдирги кэлгиллибит
илиини булан тутта.
— Мин кэриэс тылбын умнума!
— Умнуом суоҕа диэн мэктиэ тыл биэрэбин. Мин да ор-
доммун диэн... Баҕардар, өлүүм даҕаны, — Уулаах туох да
быһаарыыта суох мэктиэ тылын биэрдэ уонна ол мэктиэ тылын
төрдүгэр тиийэ ырыҥалаһар суох буолла. Бастакы аттаахтар
190