Page 185 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 185
һа-халты түҥэтиллибиттэрэ, икки этиһээччи дьиикэй быһыы-
лара — барыта ахтылынна. Дьон, истэ сатаан баран, буойан
бардылар, оннооҕор былдьаһыктаах ат сыарҕатыгар олорбут
Настаа хотун туран, атын ат сыарҕатыгар барда. Уулаах: «Бу
этиһии куһаҕан сабыдыала биһигини таарыйыа», — дии санаан,
куттана турда. Дьэ, син биир хайабыт да маттыбыт диэбиттии,
Сымалла, начальнигы биирдэ түөскэ анньан баран, дьэ арахта.
Дьэ, барар буоланнар, хаайыылаахтары, иккилии гына-гы-
на, биирдии сыарҕаҕа олортулар. Хабырыыс Уулаахтыын ал-
дьаммыт адарайдаах кураанах сыарҕаҕа түбэстилэр. Этиһиигэ
кыайтарыылаах хаалбыт начальник ыгыллыбыт, ытамньыйбыт
куолаһынан хаамтарарга дьаһал биэрэрин кытта, бастакылар
хаамтарбытынан бардылар, онтон хотуттар сыарҕалара бар-
да, таныыларыттан быстах-быстах туманнар тымныы салгыны
сырдырҕаччы салаан таҕыстылар, муус кыаһааннар кылыгырыы
ойдулар. Туманнаах толооннор тоҥуу хаардара тоҕута кэһи-
линнилэр, көмнөхтөөх тииттэр этэрээт кэннигэр элэгэлдьиһэн
хаалан истилэр. Сүүрбэччэ доруобунан, сорохторо дэҥ кур-
дук бэрдээнинэн сэбилэммит үс-түөрт нэһилиэктэн холбоспут
баайдар уонна кинилэр кутуруктара буолбут хаартыһыт, илээт
уонна уорарынан дьарыктаммыт дьон алта киһини билиэн туп-
пут үөрүүлэригэр онно-манна хороҕолдьута ойуттулар.
— Бу дьон төрдө хантан кэлбиттэрэ буолуой, биһигини хан-
на илдьэллэрэ буолуой? — диэн Уулаах, икки атаҕын ахчатан,
сыарҕа икки баттыгыттан тэбинэн, муоһа тутан иһэн, иттэни
ньалайан, Кыра Хабырыыстан ыйытта.
— Ээ, оттон ити Амма түөкүттэрэ бааллар дии, Амматтан
кэлэн бараннар, Аммаҕа илтэхтэрэ дии, — диэн Хабырыыс,
Уулаах кэннинэн ньалаччы түһэн истэҕинэ, кулгааҕар кыратык
саҥарда.
— Быстах өлүүгэ, — диэн иһэн, Уулаах, ойоҕоһунан тоҥуу
хаар устун биир аттаах киһи көтүтэн кэлбитигэр, тугу да билбэ-
тэҕэ буолан, ырбыт бөрө курдук өкчөччү тартарбыт сур аты
муоһанан охсон биэрдэ уонна, киһитигэр иттэни ньылайбытын
биллэримээри, чомпойдоох төбөтө икки өттүгэр хоҥкуллаҥ-
наан атын илгиэлээтэ.
Кыараҕас үрүйэ халдьаайытын саҕатын устун, ыарҕа быы-
һынан барар кыбычаан суолунан айаннаан истилэр. Тымныы,
мэктиэтигэр, оту-маһы барытын сырдырҕаччы салыыр курдук
этэ. Тыаҕа мутуктар булгурута тостор тыастара, эрчимнээх айа
элбэрээгин тыаһыныы, «тас» гына түһэллэр. Үрүйэни куула-
тыттан халдьаайытыгар диэри куобах хорулҕан орохторо тык-
185