Page 187 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 187

иэйэр-туойар хаһыылара иһиллэр. Ол туһунан туох да дьаһал
ылыллыбакка, үрүҥ бөрөлөр иннилэрин диэки бокуойа суох
дьулуруйан истилэр. Аттар тыыннара силбэһэн, биир уһун су-
бурҕа ыыс-туман буолан, быста-быста көтөн күдээрийэн истэ.
Туруоруллубут доруоп сомуогун курдук иттэннэри олорбут ат-
таахтар туман үөһүгэр хороҕолдьутан истилэр. Элбэх үрэхтэр,
үрүйэлэр туоранан, систэр бысталанан истилэр. Өргөннөөх
үрэҕин тардыыта бүтэн, Амма тардыытыгар киирдилэр. Он-
тон сотору соҕус барбахтаан иһэн, биир сиһи таҥнары түһэн,
туохтан эрэ алдьаммыт курдук, үрэххэ киирэн кэллилэр.

    Бу үрэх икки өттүнээҕи тыаларын өрт уота үлтү сиэбитэ
иҥнэри-таҥнары түспүт лааҥкы куруҥахтардаах, көтүрүтэ ба-
ран сиҥнэстэн түспүт эркиннэрдээх дириҥ көҥүстээх, икки
өттүнэн кууран-хатан хаалбыт адырхай ыарҕалардаах. Кини
бары киэбинэн-киэлитинэн Уулаах Дьаҕатын баһын маарын-
ныыр этэ.

    Уулаах үйэтин тухары бу сиргэ биирдэ эрэ сылдьыбыттаах.
Күһүөрү сайын этэ. Кини бэйэтин ыала Баҕырҕай Мэхээлэлиин
тайаҕы эккирэтэн бу үрэххэ түһэн кэлбиттэрэ. Бу үрэх куула
сиһин орҕоотунан кинилэр икки ыттара тайаҕы үрэн айдаара
испиттэрэ. Кинилэр, бэйэлэрэ иккиэ буолан бараннар, саалара
биир этэ. Ол да чокуурунан эстэр бинтиэпкэ буолан, тайахтара
тохтообутугар, Баҕырҕай хаста эмэ түһэрэн көрбүтэ эстибэк-
кэ хаалбыта. Онтон төрдүс тохтооһунугар түбэһэн, Баҕырҕай
кыҥаан турдаҕына, Уулаах хататынан уот саҕан ылан, саа кул-
гааҕар ууран биэрэн эспитэ. Тайах уһун атахтарынан өрө тэбэ-
тэбэ айаннаан барбыта. Онтон ол тайаҕы, батыһа сылдьан,
үстэ-түөртэ ытан өлөрбүттэрэ. Бултаабыт үөрүүлэригэр сиргэ
уот оттон, туох-баар астарын уокка кутан биэрэ-биэрэ, туох
өйдөрө кыайарынан, тыллара тиийэринэн хара тыа иччитин
баай Байанайы алҕаабыттара. Үс ыттарыттан биир ыт сүппүтүн
кэйээриҥнээн ыҥырбыттара. Устунан кинилэр онно кыыран
бара сыспыттара. Уулаах, маны барытын эргитэ санаан баран:
«Оо, оччолорго үчүгэй да эбит», — диэн үөһэ тыынан кэбистэ.

    Тоҥон, үлүйэн, эҥин кэриэс тылларын барытын этэн, күүс-
тэрэ баарынан хаһыытаспыт дьоннортон биир киһи ордук мөл-
төөн, күүһэ-күдэҕэ эстибит, тыына кыараабыт этэ. Кини бэрт
нэһиилэ, тыын быһаҕаһынан тыынан хаһыытыыра хайдыбыт мас
тыалга хаахыныырын курдук иһиллэрэ.

    — Лэгиэнтэй Мосуоркун эрэйдээх тоҥон өлөн эрэр быһыы-
лаах, — диэн Кыра Хабырыыс кэннигэр иһэр сыарҕаны эр-

                                                                                                                                     187
   182   183   184   185   186   187   188   189   190   191   192