Page 183 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 183

ситэ этиппэккэ, кини хайыы-үйэҕэ тутуллубутун туһунан араап-
пардаатылар.

    — Хара ыт тутуллубут буоллаҕына, дьэ үчүгэй. Быһайын сир
түҥэтигин мунньаҕар Тобук түөкүн мин Хаппытыаммын уонна
Ньукулай оҕонньору дэлби үөхпүтүгэр, үөрэн, ымаҥныы оло-
рор сурахтааҕа. Ол Тобук ыт куоттаҕа, кини, көҥдөй оҕото,
көтүө дуо, түбэстэҕэ дии, — диэн Настаа хотун, соруйан куо-
лаһын кыарата сатыы-сатыы, саҥаран сыыбырҕаата.

    — Оо, төлөрүйбэт гына түбэспит эбиппин, — диэн, Уулаах
үөһэ тыынна уонна, кириэстэнээри илиитин сүүһүгэр тириэр-
дэн иһэн, Хабырыыстан дьулайан, туттунна.

          Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Бэйэтин туһугар мүччүргэннээх айаҥҥа туруутугар Уулаах
        уолугар соруйуутун уонна ыйанан өлбүт илэ сылдьар Ыл-
        дьаана өтөҕүттэн куттаныытын суруйааччы тоҕо ымпыктаан
        сиһилээбитэ буолуой?

    2. Олоҥхо, олоҥхоһуттар тустарынан кэпсэтиини уонна олоҥ-
        хоттон быһа тардыыны суруйааччы тоҕо сэһэнигэр киллэр-
        битэ буолуой? Олоҥхоттон быһа тардыы сэһэн сюжета сай-
        дыытыгар туох суолталаммытый?

    3. Хопто уола олоҥхотугар абааһыны, ойууну «ыатарбытын»
        Уулаах Уйбаан тоҕо сөбүлээбэтэ? Быһа тардыыга салгыы
        ойууланар быһыыны-майгыны кытта ситимниэххэ сөп дуо?

    4. Бандьыыттар саҥалара-иҥэлэрэ, туттуулара-хаптыылара ки-
        нилэр тустарынан туох санааны үөскэтэрий?

                                          III глава

    Сарсыарда, дьиэ таһа бадык-бүдүк сырдаан эрдэҕинэ, сугу-
лаан дьиэ халҕанын тэлэччи аһан кэбистилэр уонна алта хаа-
йыылааҕы саалаах дьон үүртэлээн таһаардылар. Сорох аттар
көлүллэн, сорох аттар ыҥыырданан ыраах айаҥҥа барарга
бэлэм буолан тураллар. Саалаах дьон, төттөрү-таары айма-
лаһан, барар тэриири тэринэ бардылар. Иттэннэри мэтэй-
бит өйөнөрдөөх турку сыарҕаҕа, өйөнөрүн үрдүгэр сыттыгы
дьаарыстаан, хотуттар барар сыарҕаларын тэрийдилэр уонна
Ачаарап ойоҕо Настаа хотун олорбут атын муоһатын этэрээт
начальнига Сатаайка уола Сахаачча ылла. Бииринэн, этэрээт
начальнигын, иккиһинэн, барылара сүгүрүйэр хотуннарын атын

                                                                                                                                     183
   178   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188