Page 180 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 180
силиэстийэ ортотуттан куотан хаалбыта. Кини кыра уҥуохтаах,
кыпчыгыр атахтаах, оттомо суох сытыы сирэйдээх киһи этэ.
Кини бэйэтин чаадай уҥуоҕар сөбө суох киэҥ-куоҥ бөрө ис-
тээх сукуна сонун тас өттүнэн хатыс быаҕа тиһиллибит боту-
руону кэппит.
Кыараҕас муус түннүктэрдээх, муосталаах ампаар дьиэ ор-
тотугар турар буор оһох, тыаһаан-ууһаан, умайан лиҥкинээн
барда. Дьиэ таһыттан ыга-бобо таҥныбыт, сирэйдэрин көстү-
бэт гына тууна бааммыт саалаах дьон эбии киирэн истилэр.
Тутуллубут дьону барыларын дьиэ кэтэҕэриин эркинигэр хаай-
талаан турдулар. Кыра Хабырыыс, сибилиҥҥэ диэри чэгиэн-
чэбдик, күлэ-оонньуу олорбут бэйэтэ, быһыта сынньыллан, киһи
өлүгэ буолан, истиэнэҕэ сыста турар кырабаат ороҥҥо ын-
чыктыы, бөтүөхтүү олордо.
— Хабырыыс Хотохоороп, дорообо! Хайа бу, эн эрээри,
хайдах буолан ыгдаҥныы олороҕун, дьоҕойон күлэҕин дуу? —
диэн били Бакыр баайа Хаппытыан Ачаарап уола Төҥкөллөөн
суруксут дьиэ таһыттан Хабырыыһы элэктээн киирдэ.
— Эн миигин, Советскай былааһы кыайбыттыы санаан бэ-
лэскинэн саатаан эрдэҕиҥ буолуо да, Советскай былаас кыай-
тарыа суоҕа. Мин кыра дьон иннигэр баттыгаһы утары охсуһа
сылдьан өлөрү дьолунан ааҕынабын. Хата, миигин эрэйдээбэккэ
эрэ өлөртөрөргөр көрдөһөбүн! — Кыра Хабырыыс, атаҕын бы-
һыта үктээн Уулаах имнэнэ сатаабытын истибэккэ, тугу этиэх
буолтун барытын этэн кэбистэ.
— Хара ыт! — Төҥкөллөөн суруксут, били элэктииригэр ор-
гууй аҕай саҥарбыта уурайан, дибдигирии-дибдигирии иитэ-
саҕата суох хаһыытаан барда. — Бүтүн нэһилиэги, улууһу ай-
маабыт хара түөкүн өссө саҥалаах олорор...
Хабырыыс икки дабыдалыгар икки киһи түһэн, олорор си-
риттэн уһулу тардан, дьиэ ортотугар илдьэн, ат гыннардылар
уонна сорохторо саа луоһунан, сорохторо чуумпурунан үлтү
куһуйан бардылар. Хабырыыс өр буола-буола, ыксаабыт куо-
лаһынан: «Ороспуонньуктар, өлөрүҥ!» — диэн хаһыытыы сы-
рытта. Тутуллан турааччылар бары, маннык өлүүгэ түбэһиэхпит
буоллаҕа диэн, уҥуохтара халыр-босхо барда, кинилэр сиргэ
тимириэхтэрин сир кытаанах, халлааҥҥа көтүөхтэрин халлаан
ыраах. Онтон Хабырыыһы, уҥан далбааран барбытын кэннэ,
дьиэ хаҥас муннугар оҥоһуллубут чуулааҥҥа соһон илтилэр.
Балай эмэ өр соҕус бэйэлэрин икки ардыгар мөккүһэн ба-
раннар, Уулааҕы уонна Тэйэр Баһылайы хаайталыырга, уон-
нааҕы дьону босхолуурга «дьүүл» таҕыста.
180