Page 179 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 179
тан оҥоһуулаах оҕону умсарарга уурбутуҥ иннигэр, Дьылҕаттан
ыйаахтаах ыччаты кыайтарарга кыраабытыҥ иннигэр түүлээх
түөрэҕиҥ түҥнэһиннин, түүнүктээх дүҥүрүҥ дьөлөрүйдүн, быа-
рыгыҥ тоһуннун, бытырыыһыҥ быһыннын, күҥэһэҥ көтүлүннүн,
күнүҥ тулуннун! Күөрэйбит сиргинэн күрэний, кэлбит сиргинэн
кэбэлий! Эргийдэххинэ иэччэҕиҥ эчэйдин, хайыстаххына хаал-
дьыгыҥ хайыннын! Нохоо, Уһук Туйгуон! Өстөөҕүҥ өлүөр этигэр
өргөс биилээҕи үөлүй, өһөх хааныгар үҥүү батаһы сөтүөлэт,
хатааннааҕыҥ халыҥ куҥар хаалдьыктаах үҥүүнү тайыылаа,
хатан бүлтэс уҥуоҕар хараҕалаах үҥүүнү чапчый!.. — диэн
олоҥхоһут удаҕанын ырыатын бүтэрдэ.
— Бу ойууну, абааһыны, кинилэр кэрэхтэрин-үтүгэннэрин
ордук дьаныйан туран ыатарара баар ээт... Оттон бэрт ити
курдук ыатарбатах да киһи, син булан-талан этиэ эбитэ буо-
луо... — Уулаах, олоҥхоһут удаҕанын ырыатын сэтиргээн, ити
ырыаҕа сөбүлэммэккэ хаалла.
— Абааһы буола-буола!.. Үөдэн барыны бары сэтиргээҥ-
ҥин!.. — диэтэ Хопто уола. Табаҕын уматан биирдэ сыпсы-
рыйан эрдэҕинэ, дьиэ аана тэлэ барда да, аан туман ортотунан
утуу-субуу саалаах дьон дьиэ ортотугар баар буола түстүлэр.
Кыра Хабырыыс, мүччү ойон туран, хос дьиэ айаҕын диэ-
ки ыстанан эрдэҕинэ, икки киһи хардары-таары саа тимири-
нэн быһыта сынньан түһэрдилэр. Билигин аҕай көрүлүү-күлсэ
олорбут дьонноох кыараҕас балаҕан иһигэр өлүү-алдьархай,
хаһыы-ыһыы, үөхсүү, сааны былдьаһан тиниктэһии соҕотохто
баар буола түстэ. Дьиэ иһигэр ыгыта анньыһар саалаах дьон
туолан кэбистилэр. Дьиэ иһинээҕилэр бары өстөөхтөрүн өһөх-
төөх илиилэригэр түбэстилэр.
Тутуллубут дьону сугулаан саалатыгар үүртэлээн киллэр-
дилэр. Уота өспүт оһоҕу оттон тигинэттилэр.
— Дорообо!.. Хата, билэр киһибит баар эбит дуу?! Арамаан
оҕото Сахаачча эбиккин дуу! — диэн Хопто уола били Сатаайка
Арамаан уола Сахааччаны кытта илии тутуһаары сарбаҥнаата.
— Кимҥиний! — Сатаайка уола хаһыытаата.
— Мин били эһиги Чараҥҥа олордоххутуна хонон олоҥхо-
лообут Хопто уола Мэхээлискэ диэн оҕонньорбун, — Хопто
уола өлөр өлүүттэн, биир бандьыыты билсэр буолан, куотаары
«албыннанна».
Сатаайка уола Сахаачча диэн Нуотара киһитэ этэ. Кини
дьоҥҥо куһаҕан өттүнэн биллибит киһи. Хас да төгүл түөкүн
дьыалатыгар эриллибитэ. Кэнники, Советскай былаас буолтун
кэннэ, тыһаҕаһы уоран сиэн, милициянан тутуллубута уонна
179