Page 177 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 177
олоҥхоһутун курдук олоҥхоһут ханна да суох эбит диэн кэп-
сииллэрэ. Онтон кэнники Ырыа Ылдьаа, Күөх Сүөдэр, бу мин,
бу Уулаах буоламмыт барбах тэһийбэтэх эрэ киһи истэ түһэр
дьонобут, — диэн, Хопто уола былыргыттан ыла түөспүт сэһэ-
нин сии олорор этэ бүтүүтүн кытта тэҥҥэ бүтэрдэ.
— Олоҥхоһуттар сиринэн-дойдунан наарданан, ыйааҕынан
үөскүүллэрин курдук этэҕин. Ол сыыһа, ханна да уус тыллаах
дьон төрүүллэрэ буолуо да, дьарык оҥостуммат сиргэ хаалан
эрдэхтэрэ дии. Оттон манна дьарык оҥостор күүһүнэн ордук
талааннаахтар көстөллөр уонна, бэйэ-бэйэлэрин тылларыттан
ылсан, тыллара байар, — диэтэ Хабырыыс, оҕонньор алҕас
өйдүүрүн быһааран биэрдэ.
Аһаан бүтэн, олоҥхоҕо тэринии буолла. Уулаах «Но!» диэч-
чинэн ананна, Көкөт уот сырдатааччы буолла. Көкөт эмээх-
синэ, иистэнэр иһитин туппутунан, олоҥхоһут аттыгар кэллэ.
Көкөт кыыһа Татыйаас уйалаах оҕотун, ньилбэгэр туора ууран,
аһата олордо. Дьиэ кэргэттэрэ бары, бу киэһэни көрдөөхтүк
атаараары, дьиэ ортотугар мустан кэбистилэр.
Олоҥхоһут, табаҕын тардан бүтээт, уруккуттан иҥнигэһэ-
толлугаһа суох этэ үөрэммит кэрэ-чуор куолаһынан тылы тылга
наардаан, барытын дьаарыстаан-дьаптайан иһэр курдук, этэн
субурутан барда. Уулаах тыл түмүктэрин аайы: «Но!» — диэн
истэ. Көкөт Сэмэн, тимир ууһун курдук оһох чанчыгар олорон,
уот өһөн бардаҕын аайы күөдьүтэн истэ. Олоҥхо, төһө да сы-
мыйата биллэрин үрдүнэн, бары тыл ууһугар тартаран хааллы-
лар. Кинилэр, бу дойдуга Хопто уола Мэхээлискэ кэпсиирин
истэн олорор курдук буолбакка, ол кэпсэнэр дойдуну илэ тии-
йэн көрө турар курдук буоллулар. Олоҥхо дойдута-сирэ, дьиэ-
тэ-уота кэпсэнэн бүтэн, бухатыыр ойох ыла барыыта буолла.
Онтон бэрт эрэйэ суох ойоҕун ылан, улахан урууну тэрийэн
олордохторуна, күүс өттүнэн күтүөт буоларга соруммут абаа-
һы бухатыыра кэлэн охсуһуу буолбутугар, айыы бухатыыра —
Улуу муора уута утахтаах Уһуу улаан аттаах Уһук Туйгун кыа-
йан-хотон истэҕинэ, абааһы бухатыыра Өлүү Дүксүүлэ адьарай
удаҕанын көмөҕө ыҥырбыт. Ол удаҕан кэлэн, ап быатынан
эрийэ бырахпытыгар, Уһук Туйгун, өлөн иһэн, Айыы Уруйдаан
удаҕантан көмө көрдөстө. Онно Айыы Уруйдаан, кыыран-куту-
ран түһэн иһэн, алгыс алгыырын олоҥхоһут ыллатара буол-
ла. Оҕонньор, атаҕын оллооннуу ууран, тобугуттан тардыстан
олорон, кыыһырбыт-абарбыт дьахтар ойууннуу тартарыылаах
куолаһынан бу курдук ыллаан барда:
— Алаатыгар!.. Уруй-айхал буоллун!.. Уруй-тускул буоллун!..
177