Page 172 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 172

пытыан Ачаарап, киһини сынньаары дибдийэрин саҕанааҕы
курдук, аллараа сыҥааҕа босхо баран, бэбигирии түстэ.

    — Тобук, хара түөкүн, ревкомнар киһиргэттэхтэрин аайы би-
һигиннээн сиэн эр. Кэм, күн-дьыл кэлиэ! — Ньукулай Ачаарап
аҥааттан саҥарда.

    — Түөкүн дииргин ылынабын. Кырдьык, 20 сылы быһа эн
уоран кэбэхтиир баайтаһыныҥ этиттэн сиэтим ини, сиэбэтим
ини... Ол кэннэ бэйэҕин эмиэ түөкүммүн диэ ээ... Били Кынас-
пыай Баһылайынан уордарбыт атыҥ этэ эмис да этэ... — Тобук
Кыра Хабырыыс кэннигэр туран, этэр кэҕэ курдук чаҥыйа тур-
да уонна, тыл ордук сүлүһүннээҕин булан эппититтэн үөрэн,
кубарыччы куурбут көтөх сирэйин ньолоҥнотон, күлэн кэбистэ.

    — Бу ыт тылын истэҕит дуо?! Бу үрүк-түрүк олорбут ааппы-
тыгар үрдүк халлаан өҕүйбүт үгүрүөлэрин, бу киһилии олорбут
ааппытыгар киэҥ халлаан кэҕиппит кэҕэлэрин тылларын, үҥэр
таҥара, иһит! — Ньукулай Ачаарап, ыгымыттан уҥуоҕа босхо
баран, остуол диэки тоҕо дьулуруйда.

    Соҕотохто ревкомнар уонна баайдар икки ардыларыгар эти-
һии, айдаан буола түһэрин кытта, Уулаах, хаһан да уолуһуй-
батах бэйэтэ, тиэтэл бөҕөнөн дьон таһыгар тахсан туран, сонун
кэтээт, Дьаҕалыыр суол төрдүн диэки биирдэ ньолох гынан
көрөн кэбистэ уонна, кэннин хайыһан көрбөккө даҕаны, бара
турда.

          Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Уулаах дьүһүнүн-бодотун, быһыытын-майгытын, сирин-уотун
        быһаарсыҥ, туох кэрэхсэнэр идэлээх киһи эбитий?

    2. Уулаах «Ханнык да сири оҥордоххо сир буолар» диэн этии-
        тэ уонна дьоҥҥо күүс-уох баарын бэркиһээһинэ ааҕааччыга
        ханнык санаалары үөскэтэрий?

    3. Мунньахха айаннаан иһэн көрсүбүт дьонун кытта Уулаах
        сыһыанын ис сүүрээннэрин быһаарсыҥ, ордук суолталаах
        тыллары бэлиэтээҥ.

    4. Уулаах мунньахтан куотуута кини туһунан тугу этэрий?
    5. Суруйааччы ойуулаабыт мэтириэттэрин тылын-өһүн сиһи-

        лии ырытыҥ, ойуулаан көрүҥ.

                                           II глава

    Үрэх баһын киһитигэр Уулаах Уйбааҥҥа бары барыта ич-
чилээх, алаас барыта абааһылаах курдук. Кини, оннооҕор олоҥ-

 172
   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176   177