Page 170 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 170

баҕайы, ханнык аанньа киһи буолан, чааппараҕа дылы батта-
ҕын моччооруччу тараана сытыйан; баҕаҕа дылы бахчайбыт
буутугар бэйбириэт ыстааннаах буолбут буола-буола!» — диэн
эргитэ-урбата анньа-анньа чанчыгын турута тыытара. Оттон
быйыл саас, Советскай былаас буоларын кытта, киниэхэ мэ-
ҥийбитэ буолан албыннаан, хаста да ревкомнары кытта эти-
һиннэрбитэ.

    Онон Доодороп кулубаҕа кутурук буолбута дьоҥҥо барыты-
гар биллибит Тырып тыл көрдөөбүтүгэр, Кыра Хабырыыс, кини
сир түҥэтигэр булгу утарылаһаары тыл көрдөөбүтүн сэрэйэн,
күлэ-күлэ тыл биэрдэ. Тырып буоллаҕына туран, быйыл саас
кулубаттан ревкомнары үөҕэр манньатыгар ылбыт эргэ би-
лиис сонун тэбэнэн, уоһун чөмөхтүү тутта-тутта, собус-сору-
йан, сап-сатаҕайдык бурал гыннартаан, этэн барда.

    — Доодороптор, Ачаараптар дьадаҥы буолбуттара буоллар,
бу Бакыр нэһилиэк кырата-дьадаҥыта бары хоргуйан өлбүт
буолуо этибит...

    Дьон күлсэ түспүттэригэр, бэйи, ким-кимнээх күлсэр эбит-
тэрий диэбиттии, Доодороп кулуба сэлээппэтин аннынан, дьон
диэки эргиллэн, сүлүһүннээх хараҕынан көрүтэлээн кэбистэ.
«Син биир ким да кырдьыктаныа суоҕа... Чэ-чэ, дьаабылан!..
Ол эрээри хардарсыахпыт», — диэн, Кыра Хабырыыс, иһигэр
улахан хоргутуулаах эрээри, күлбүтэ буолла.

    — Онон биһиги баайдар дойдуларын түөрэ ыларбыт сатам-
мат. Хайа, түһүү-тардыы кэллэҕинэ, үгүс өттүн син кинилэр
сүгүөхтэрэ. Ону санаан туран, дойдуларын бэйэлэригэр хаал-
ларыахха сөп. Кыра дьон ити ревкомнар тылларыгар барбак-
кытыгар көрдөһөбүн, — диэт, Тырып, бэргэһэтин имитэ-имитэ,
өссө тугу эрэ этээри, өйдүү сатаан баран, дьоннор күлсүүлэ-
ригэр аралдьыйан уонна сорохтор кини утары кыыһырбыт
кытаанах харахтарынан көрөллөрүттэн толлон, этиэх буолтун
умнан кэбистэ. Кикпит тылын Тырып ситэ эппэтэҕиттэн аба-
тыйан, Доодороп кулуба Тырыбы дьөлүтэ көрбөхтөөн кэбистэ
уонна бэйэтэ тыл көрдүүрүгэр тиийдэ.

    — Бу баай диэн уос тумалыга буолбут дьон — биһиги тыл
этэрбитин көҥүллүүгүт дуо?

    — Чэ, эт! Тыл буолар тылы эттэххинэ, сөп буолуо, оттон тыл
буолбат тылы тылластаххына, кэпсэтиилээх буолуо, — диэн Кыра
Хабырыыс, үҥүү-батас курдук, кулубаны дьөлө көрөн турда.

    — Бары бырааттарым, убайдарым, — диэн баран, кулуба
томороон, толуу сэбэрэтинэн дьон диэки хайыста, — эһиги бэ-
йэҕит кинээс буол диэбиккитигэр, кинээс буолбутум, эһиги ку-

 170
   165   166   167   168   169   170   171   172   173   174   175