Page 171 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 171

луба буол диэбиккитигэр, кулуба буолтум. Икки-үс үйэ тухары
ким кылгаабыкка-кыараабыкка үбүнэн-аһынан күүс-көмө буола
сатыырбыт. Ону ити Өргөстөй уолаттара соруйан буулаатылар.
Тыһыынча остуолбанан төгүрүччү бүтэйдэппит алааспын был-
дьаан ылан баран, ити Ньамаҕан үрүйэтигэр дойдулаабыттар.

    — Оттон Ньамаҕан оҕонньор даҕаны киһи этэ дии. Ону дой-
дулаан сылдьыбыт эбиккин ээ, ону бэйэҥ ыллаҕыҥ дии, — диэн
Кыра Хабырыыс, кулуба этэрин быһан туран, тыл кыбытта.

    — Чэ, онон элбэҕи этэр суох. Дьонум, бэйэҕит сыаналааҥ.
Саатар Кустаах аҥаарын бэйэбэр хааллараргытыгар көрдөһө-
бүн, — кыһалҕа кыһайан, сааһын тухары киһиэхэ аахпатах дьо-
нуттан көрдөһөрүн ыараханнык саныы-саныы, олорон кэбистэ.

    Тыл этээччилэр бүппүттэрин кэннэ, Кыра Хабырыыс түмүк
тылын эттэ. Кини этэрин устатын тухары баайдар дьиикэй
быһыыларын ырытта. Кинилэр сорох хараҥа уонна киһиргэс,
ардыгар акаары дьонунан сирэйдэнэн сир түҥэтигэр утарыла-
һалларын этэн туран, холобурга Тырыбы уонна Саһааннааҕы
аҕалтаата. Хас эттэҕин аайы этэр тылын чиҥэтэн, сирэйэ-ха-
раҕа уоттанан истэ. Оннооҕор кини өстөөхтөрө — баайдар,
кини тылын күүһүттэн дьулайан, бэйэлэрэ өйүнэн, тылынан
кыайан мөккүһэр кыахтара суох буолбуттарын билиннилэр.
Кини хас биирдии тыла кыра дьоҥҥо умнуллубат өйдөбүлгэ
ылылынна уонна бу Советскай былааска барыта харса суох,
акаары дьон үлэлииллэр диэн баай сидьиҥ хоруотааһынын
үлтүрүттэ. Кини бу көҥүлгэ сирдээн тиэрдибит улуу Ленини
уруйдаан-айхаллаан эппитигэр, элбэх ахсааннаах кыра дьон
ити сирдьит аатын умнумаары, хат-хат сибигинэйэн этэ олор-
дулар. Оннооҕор Уулаах, умнубакка Дьаҕа баһыгар тириэрдэн,
Ааныкаҕа иһитиннэрээри, өйүгэр хатаата.

    Баайдартан уонна кинилэргэ кутурук буолбут аҕыйах киһит-
тэн ураты дьон бары түҥэтиги бигэргэтэргэ ууннулар. Мунньах
сабыллан, дьон тарҕаһаары өрө адаарыһан туран эрдэхтэринэ,
Хаппытыан Ачаарап:

    — Дьэ бэрт, доҕор! Дьон бөҕө санаалара сытыйбыт, толкуйда-
ра тостубут эбит! Чэ бэйи, төһө өр ити курдук буолар үһүгүт,
— диэн, ким да истэригэр наадыйбакка, мээлэ саҥарда.

    — Баттыгаскытын мүччү туппут тойоттор итиччэни эппэт
буолуоххут дуо? — Тобук, этиэҕин эппит киһи быһыытынан,
такыр атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, тимирэн-дагдайан эрэрдии
үөһэ-аллара түһүтэлээн, халыҥ хаххалара буолааччы ревком-
нар диэки, үөмэхтэһэ сылдьар дьон быыстарынан, баран истэ.

    — Тобук, «үчүгэйдик» даҕаны тиирэ киэптээбиккин! — Хап-

                                                                                                                                     171
   166   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176