Page 175 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 175

тан барбыттарын кэпсээн биэрэн, Уулаах «сонунун» боруос-
таата.

    Балаҕан аҥаар эркинигэр сыһыары олорор ампаар халҕа-
на тэлэ барарын кытта, Кыра Хабырыыс тахсан кэллэ уонна,
Уулааҕы көрөөт, күлэ түстэ.

    — Ноо! Дьаҕа кырдьаҕаһа кэлбит дуу? Аны туран, бу киэ-
һэ икки олоҥхоһуттаммыппыт дии, — Кыра Хабырыыс, Уулаах
аттыгар кэлэн олорон баран, уллугар диэри тардыммыт түнэ
күрүмэ этэрбэһин үөһэ тардыалаата.

    — Дьэ кырдьык... Чэ, оттон хайаларын олоҥхолотоҕун? —
диэн Көкөт ойоҕо, Кэтириинэ эмээхсин, хаҥас диэкиттэн тии-
йэн кэллэ.

    Уулаах маннык айдааннаах, кутталлаах кэмнэргэ Кыра Ха-
бырыыс, куттаммакка, үөрэ-көтө сылдьарын иһигэр бэркиһии
санаата уонна кэпсэтэн барда, атын аҕалбытын эттэ. Кини
манна иккис олоҥхоһут ким буоларын билиминэ олордоҕуна,
оһох кэннинээҕи барыамахтан Хопто уола Мэхээлискэ оҕон-
ньор тахсан кэллэ. Уулаах кинини кытта кэпсэтэн билбитэ —
Мэхээлискэ манна дьаам сүүрдээччи буолан олорор эбит.

    — Нохоо! Бу маннык куттал буолан эрдэҕинэ, сырыттаҕыҥ
баҕас тоҕо холкутай? Хайа, ол Нуотараҕа кэлбит ороспуонньук-
тар кэлэн кэбиһээйэллэр? — Хабырыыс диэки Уулаах көрбөх-
төөтө.

    — Ээ, оттон мин эмиэ инньэ диэн көрөбүн да, ити киһи
кыһаммат, — диэн, Хопто уола Мэхээлискэ, быһах төбөтүнэн
муос хамса ыаһын күчүгүрэччи хаһа олорон, эбэн биэрдэ.

    — Оо, убайдарым! Кэбис, эһиги итиннэ орооһумаҥ, хата,
талыллан биирдэскит олоҥхолооҥ, ол сөп буолуо, — диэн Ха-
бырыыс күлбүт-үөрбүт харахтарынан түргэн-түргэнник элэгэл-
дьиччи көрүтэлээтэ, үрдүк эмпэрэлээх сүүһүн мырчыҥнатта.

    — Мээнэ тыллаһан, хайа, түөкүттэргэ түбэһэн өлөн баран,
иккиһин төрөөмөөйөҕүн, — Уулаах устунан сэмэлээн барда.

    — Өлүөм суоҕа дуо? Баттаммыт-атаҕастаммыт иннигэр үлэ-
лии сылдьан өллөхпүнэ, ол аата киһи буолбут чиэстээх эбээ-
һинэспин толорор буоллаҕым дии.

    Ити мөккүөр итинэн ааһан, чэйдэрин истилэр, онтон салгыы
эт сии олорон, эмиэ олоҥхо туһунан кэпсэтэн бардылар.

    — Бу уол аҕатыгар Өргөстөй бокуонньукка дылы олоҥхоҕо
бэрдэ диэн, — Хопто уола, силиилээх уҥуох баһын оборо-обо-
ро, эттэ. — Хата Өргөстөйгө Уулаах биһикки сатаан аккааста-
нан куоппат этибит. Сүрэҕэлдьээн олоҥхолоомоору да гын-

                                                                                                                                     175
   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179   180