Page 174 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 174

до сылдьар диэн суостаах сурахтаммыт хотонноох балаҕаны
тумнуон иһин, баай Буокаан остуолба бүтэйэ мэһэйдиир этэ.

    Кыараҕас алааһы куула тыатыттан киирээт, алаас ортоту-
гар турар, эркиннэрэ көтүллэн түһүтэлээбит иччитэх балаҕаны
көрөөт, Уулаах, чомпойун устан, элбэх сибэтиэйдэр ааттарын
ааҕан, кириэстэннэ уонна тула өттүн былаҕастабыы охсон ба-
ран, төгүрүччү күрүөлүү үрэн кэбистэ. Ити аата кини, абааһы
ханан да дьиэк булан киирбэт гына сибэтиэй тыынынан тө-
гүрүччү күрүөлэнэн кэбистэ. Кини, уллуҥаҕын оройуттан тө-
бөтүн оройугар диэри этэ дырдыргыы-дырдыргыы, эргэ ба-
лаҕаны түннүгүн аннынан ааста. Онтон лаппа ыраатан иһэн,
кэнниттэн абааһы эккирэтэн иһэрин көрөөрү, кэннин хайыһан
көрүтэлээтэ, ол кэннэ дьэ арыый кэҥээтэ. Кини, онтон биир
чараас тыаны мүлчү түһэн, сугулаан ыалларын оһохторун хо-
роотуттан, олордуллубут түүтэх курдук, кыымнар кытыаста оло-
роллорун көрдө.

    Соруктаах сиригэр кэлэн, сугулаан сэргэтигэр аҕалан, атын
баайан баран, атыылаһаары гыммыт киһилии, ат арҕаһын хар-
баан көрдө, тарбахтарын бакыччы тутан, сиэлин тараата уон-
на, моонньун таптайбахтаан баран, күчүмэҕэй сырыыны кыай-
быт киһи быһыытынан, тыастаахтык саҥа аллайан, сыыҥтаата.
Дьиэҕэ киирэн, сырдык-хараҥа былдьаһыытыгар кириэстэнэн
баран, өһүөҕэ кыбыта анньыллыбыт сыарҕа сыҥааҕын үрдүгэр
үтүлүгүн, бэргэһэтин ыйаталаата.

    — Кэпсиэҥ, тугу иһиттигит?
    — Суох... Эн тугу иһиттиҥ? — диэн хардары-таары кэпсэтэн
бардылар.
    Дьиэлээх Көкөт Сэмэн, Уулааҕы кытта билсэр-көрсөр бы-
һыынан, үөрэ-көтө Дьаҕа сонунун ыйытан истэ. Уулаах буол-
лаҕына, быйыл Ааныката хайдах ыарытан муҥу-сору көрөн өл-
бүтүн, кини өлбүтүн кэннэ акаары-аҥала уолунуун хайдах ыал
буолан олороллорун, Ааныка өлөрүн кытта биир бастыҥ ына-
ҕа атаҕа суох буолбутун, айатыгар куобах киирбэт буолан
хаалтын — барытын кэпсээн биэрдэ уонна уот иннигэр, та-
лах олох маска, куобах уорҕата истээх түнэ сонун быарыгар
туттан, олорон кэбистэ. Көкөт Сэмэн, Уулаах аттыгар сэргэс-
тэһэ олорон, кыырыктыйбыт баттаҕын тарбанан кэбиһэ-кэбиһэ,
быллаллыбыт уостарын быгыахтатан табах тарда-тарда, бан-
дьыыттар Алдантан Нуотараҕа кэлбиттэрин уонна бу дойду-
га мүччү охсон тахсыах кутталлара баарын, Доодороп кулуба
бандьыыттарга күрээн хаалбытын, Ачаараптары кыһыллар ту-

 174
   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179