Page 169 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 169
лан ааһан истилэр. Урут кыра дьон, самнары баттатан, утары
көрбөккө туораан биэрбит уонна баай туһатыгар хара көлөһүн-
нэрин тохпут дойдулара билигин бэйэлэригэр тиксибититтэн
үрдүк үөрүүлэрин, саас-үйэ тухары куттана, симиттэ үөрэммит
суостаах-суодаллаах баайдарыттан кистээн, илдьирийбит эргэ
таҥастар истэригэр саба баттаан олордулар.
Улаҕата көстүбэт улуу куйаар уҥа өттүнэн улаҕалыы усту-
бут аламай күн арҕаалаан, Өргөннөөх үрэҕин үрдүк хайатын
арҕаһынааҕы симэхтээх-синньэлээх сэндэҥэ тииттэр быыста-
рыгар түһэн, ойуулаах-оһуордаах толооннор күөгэйбит-нусхай-
быт күөх тыанан күлүктэнэн эрдэхтэринэ, дьон бүтэр тиһэхтэ-
ригэр Уулаахха Дьаҕа баһа угуллубута иһилиннэ.
«Дьэ миэхэ итинтэн ордук туох да наадата суох...» — диэ-
биттии, Уулаах суулаабыт чомпойун тэнитэн, тэбээн кэтэн кэ-
бистэ уонна, дьиэтигэр бараары тиэтэйэ санаан, кыламана
суох кыараҕас харахтарын ыртатан, киирэн эрэр күнү көрдө.
Биэдэмэс ааҕыыта бүтэн, кэпсэтиигэ баай суоһуттан-суо-
далыттан куттанартан аккаастаммыт хас да дьорҕоот дьон
уксаан сөптөөҕүн, кыра дьоҥҥо туһалаах түҥэтик буолбутун,
Советскай былаас көҥүл сырдыгынан күлүмнүү тыкпытын эт-
тилэр. Арай били киһиргэс-киилимэр майгынынан бар дьо-
нугар баппатах Саһааннаах Баһылай, тыл ылан, Доодороптор,
Ачаараптар кэннилэриттэн, буордаах сыгынаҕы түҥнэритэ ас-
пыт курдук, адаарыйан турда. Кини быйыл саас таҥараны итэ-
ҕэйээччилэр коллективтарын уопсай мунньаҕынан церковнай
ыстаарыһа буолбута, онтон ыла, сааһын тухары баттаппыт,
атаҕастаппыт баайдарыгар моонньох буолан, бары дьүүлгэ-
дьаһалга туох кыайарынан, сатыырынан мэһэйдэһэ сатаабыта.
— Мин Ачаараптар Тураҥнаахтарыттан дойду ылбаппын, ки-
һи ордугар баҕарбаппын, — диэн баран, Саһааннаах Ньукулай
Ачаарап диэки кыһыл тулалаах хараҕынан көрөн кэбистэ.
— Оо, ээх да, доҕоор!.. Били киһи ордугар кыһаммат буо-
лан, ол иһин Көлбөхтөй эмээхсин икки тоҥолохоон ынаҕыттан
биирдэрин уоран сиэбит эбиккин дии?! — диэн, сааһын тухары
Ньукулай Ачаарапка хамначчыт сылдьан баран, быйыл саас
үҥсэн-харсан арахсыбыт Тобуллаҥныыр уола Тобук Сүөдэр,
дьон быыһыттан тоҕуттубут торбос тириитэ сонноох арҕаһа
быган олорон, тыл кыбытта уонна, бу сырыыга улахан кыа-
йыылаах буолтун иҥэринээри, дьон быыһыгар тимирэн хаалла.
Саһааннаах Тобугу үөҕэн бараары гыммытын буойан тохтот-
тулар. Тыргылла уола Тырып Хабырылланы Доодороп кулуба
урут бэйэтин күнүгэр киһинэн аахпат этэ: «Бу күтүр, Тырып
169