Page 164 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 164
биһигини кэрэхтээх абааһы курдук буулаатылар. Аҕалара, Өр-
гөстөй бокуонньук, миигин, кинээс сырыттахпына, сирэйбин
таһыйбыта. Ону, ороспуонньугу кытта тугу аахса сылдьыамый
диэн, аҕата Миитэрэй оҕонньор, чиэппэр арыгыны кытта уон
солкуобайы биэрэн ааттаабытыгар, хаалларан кэбиспитим.
Оттон аны бэйэтин оннугар уолаттара сордууллара итэҕэс
эбит... Нохоо, бүгүн мунньахха баар буоллаххына, биһигини
бырааттарыҥ хайдах кэбилээн үөҕэллэрин, хайдах сирбитин-
дойдубутун түөрэллэрин истиэҥ, — Ачаарап тойон ата, күөх
оту кирдиэлээн, устунан бараары гыммытын, хантаччы тардан,
тохтотто.
— Былыр Доодороптор, түөрт быраат күннээн-үөскээн иһэн-
нэр, бары биир кэмҥэ кинээс, кулуба буолбатахтара, кэм дьы-
лынан арыттаан, олбу-солбу кинээс, кулуба буолан испиттэрэ,
оннооҕор ордон, эн бырааттарыҥ үһүөн биир кэмҥэ «систээ-
тилэр». Кыра Хабырыыс — нэһилиэк өрөпкүөмэ, Сэмэнчик
урааҥхай — улуус өрөпкүөмэ, оттон Улахан Хабырыыс — сир
дьокутаата. Бу ороспуонньук былааһын көрбөккүн дуо?
— Ээ, оттон миэхэ Дьаҕам баһын сөпкө көрбүт буоллаллар,
сөп буолуо этэ.
— Дьаҕа буолумуна... Дьаҕа баһа — Бакыр нэһилиэккэ суох
үчүгэй сир. Бу барахсан бүтэйин-бүөрэмньитин... Кустаахтан
эбэтэр Тураҥнаахтан биэрдэхтэринэ даҕаны тоҕо ылыаххы-
ный? Сорох баҕайылар, ити Тобуллаҥныыр уола Тобук Сүөдэр
курдуктар, өрөпкүөмнэр киктэхтэрин аайы, мин Тураҥнаахпыт-
тан ылаары, тииһэ сылдьаллар үһү. Дьэ бэйи, ылан да, иҥэм-
тэлээх аһы аһыыр дуу, суох дуу. Баҕар, күн-дьыл уларыйан,
иэнин тириититтэн иэстэнэр кэм кэлиэ, — диэн баран, тойон
көмүс уктаах дөйбүүрүнэн атын өттүккэ «сып» гына биэрэрин
кытта, ата, түөрт атаҕын үөрэ-дьүөрэ үктээмэхтээн, кырыы-
тынан таһыйбахтаан ыла-ыла, чаппарааҕа тэлээрэн, дьоруо-
лаан, кутан-симэн барда.
Уулаах, тыа «кыыла» туорайдааһыныттан этэҥҥэ хаалбыт
киһи быһыытынан, үөһэ тыынан кэбистэ уонна туттан иһэр сэ-
бирдэх дөйбүүрүнэн сирэйин көлөһүнүн туора-маары сотунна,
кыра соҕустук ымаҥнаан мичиҥнээтэ, ол кэннэ суолун устун
хаампытынан барда. Кинини акаарыга холоон, Дьаҕа баһын
тойон хайҕаабытын санаатаҕын аайы мичиҥнии истэ.
— Саас-үйэ тухары саппыт, сатыылаабыт сатана уола, —
диэн кыратык киҥинэйэн саҥарда уонна киэҥ толоону туораан
эрэр тойон диэки көрөн кэбистэ.
Уулаах, ити курдук барыны бары саныы-саныы, тойон туо-
164