Page 159 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 159

Күтүр улахан
                         Оҥоһууну
                         Оҥорон тэрийэн кэбистин…

          Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Бэйиэт күүстээх санаатын туойар хоһоон сүрүн ис номоҕун
        ырытыһыҥ. Рифматыгар, ритмигэр, уобарастарыгар, хоһоон-
        ноохтук ааҕыыга болҕомтоҕутун ууруҥ.

    2. Хоһоон эһиэхэ ханнык иэйиини уһугуннарарый? Киһи бэ-
        йэтин күүһүгэр эрэнэр, тулуурдаах, дьулуурдаах буоллаҕына
        олоҕун суолун бэйэтэ оҥостор кыахтаах дуо? Күндэ хоһоо-
        нугар этэр сүбэ-соргу тыллара эһиэхэ туох санааны, толкуйу
        үөскэттилэр?

    3. Күндэ хоһооннорун бэйэтин көлүөнэ суруйааччыларын айым-
        ньыларын кытта тэҥнээн көрүҥ, туох уратылаахтарын эбэтэр
        майгыннаһар өрүттэрин ыйыҥ (тыла-өһө, тиэмэтэ, идиэйэтэ,
        суруйар истиилэ уо.д.а.).

                                                                     ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

    П.А. Ойуунускай «Сүүс сыллаах улуу былааныгар» 2017 сылга
диэри өтө көрбүт санааларын уонна бэйэтин кэмигэр фантастика
курдук ааҕыллыбыт Күндэ «Кэнэҕэски кэскил» уонна «Күүстээ-
хийэ санаабыт» диэн хоһооннорун тэҥнээн көрүҥ, сүрүн көрүүлэ-
рин ырытарга холонуҥ.

                                          ЛИТЕРАТУРАЛАР АЛТЫҺЫЫЛАРА

    Чинчийээччилэр Күндэ хоһоонугар өҥ-дьүһүн уратытын тиэр-
дэр сатабыла Сергей Есенин поэзиятыгар дьүөрэлии диэн бэлиэ-
тииллэр. Алын кылааска аахпыт айылҕаны хоһуйар айымньыла-
ры өссө төгүл санатыһыҥ — майгыннаһар, уратылаһар өрүттэрин
булан ырытыҥ.

Уруок кэнниттэн

    Олорор түөлбэҕит сайдан кэлбит кэрдиис кэмнэрин үөрэтэн,
олохтоох тэлэбиидэнньэҕэ эбэтэр хаһыакка иһитиннэриитэ бэ-
лэмнээҥ.

                                                                                                                                     159
   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163   164