Page 154 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 154
Хомуунанан
Холбоһон оҥостубут
Холобура суох улахан
Хототтор
Хордоҕой
Хонууларга
Хотоһон ахан тураллар…
Аймах дьоннорбут
Артыаллаһан тураннар,
Халыҥ тыаларыгар
Хаһаа туттуталааннар,
Көрөллөрүн-билэллэрин хоту
Көччүтэннэр,
Үрүҥ-хара саһылы
Үөскэппиттэр,
Үүһү-кииһи
Үөдүппүттэр…
Үрэхтэр
Үрдүлэригэр,
Ойуурдар
Ортолоругар
Үөлэс киэннэрэ
Үгүөрүлэрэ
Үөһэ өрө
Үөрбэлэһэн тахсыталаабыттар,
Тимир болгуолар тыастара
Тиҥиргэһэллэр,
Ыарахан балталар тыастара
Ынчыктаһаллар,
Хатарыылаах тимирдэр тыастара
Хаахынаһаллар…
Баһаам элбэх
Массыыналар
Мас эрбээн
Бардырҕаталлар,
Бурдук тардан
Бурдурҕаталлар…
Хара тыабытын
Хайыта-быһыта
Тилипиэн,
Тилигирээп
Баҕаналара
154