Page 151 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 151
2. Бу устуруокалар дириҥ ис хоһооннорун быһаарарга холо-
нуҥ:
Мин манна иитиллэн атахпар турбутум,
Мин кырыыс оҕото кыргыс хаан буолбутум...
Эн уолуҥ — бассабыык, охсуһуу буойуна,
Эн уолуҥ — ырыаһыт, илбис тыл туйгуна...
3. Бассабыыктар диэн кимнээх этилэрий? Устуоруйа уруогар
ылбыт билиигитин сааһылаан, билиҥҥи кэм мөҥүөнүттэн
сыанабылы биэрэр кэпсэтиигэ кыттыһыҥ.
4. Хоһоон кутуллубут курдук кээмэйэ, рифмата туох суолта-
лааҕый? Суругунан эппиэти оҥоруҥ, бииргэ үөрэнэр оҕолор-
гутунуун ырытыһыҥ.
Анаан дьүүллэһии
Хоһоону ааҕыах иннинэ Былатыан Ойуунускай олоҕун сана-
тыһан, кэтэхтэн экскурсия оҥоруҥ, кини дьонун, төрөөбүт дой-
дутун туһунан билсиҥ.
ОЛОХ ЭРГИИРЭ, КЫҺАЛҔАТА
Орто туруу бараан дойдубут иэнигэр иннэ-кэннэ суох аан
алдьархайдаах, бүтэн биэрбэт мөҥүрүөн мөккүөрдээх, киһи
дуу, кии дуу буолар үтүмэн үгүс үйэлэри уҥуордаан, иитил-
либит ийэ буорбут көмүс туонатыгар түһүүлээх-тахсыылаах
кэмнэр кэлэн аастахтара. Ол былаһын тухары олорон кэлбит
кэммитин-кэрдиибитин сотон ылан быраҕар кыах суох, ааспыт
олох дириҥник үктэммит суолларын туора сотор кыаллыбат.
Ааспыт үйэ сүүрбэһис сыллара – хаан тохтуулаах сыллар,
аҕа оҕотун утары турар, оҕо ийэтин билиммэт аас-туор дьыл-
лара этилэр. Ол дьулаан сыллар туоһулара — биһиги бастакы
суруйааччыларбыт уһулуччулаах айымньылара. Бу уус-уран су-
руйуулар тыыннаахтар, өлбөт-сүппэт өйдөбүнньүк буолаллар.
Дьиҥ олохтон ылыллыбыт уобарастар Ийэ дойдуну таптыырга,
ытыктыырга, бэриниилээх буоларга үөрэтэллэр.
Ол сахтарга саҥа олоҕу уһансыбыт саха бастакы үөрэхтээх-
тэрэ, суруйааччылара, биллэр-көстөр дьон кэскиллээх олоҕу
торумнуур сонун санаалары олохтообуттара... Барыта киһи,
барыта саха туһа диэн этэ....
151