Page 149 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 149
ньы суруллубут 1929 сыла саха дьонугар туох сабыдыал-
лаах буолбутун туһунан кэпсэтиитэ тэрийиҥ.
Тыыннаах тыл
Улуу Кудаҥса уобараһын арыйар ньымалары булан чопчулааҥ.
Уот-чупчурҕа батаһынан сирэйдээн туох көрдөрүллэрий?
Анаан дьүүллэһии
Устуоруйаҕа биирдиилээн киһи — лиичинэс оруола туох суол-
талааҕый? Ол туһунан суруйааччы туох диэн этэрий? Маннык
ыйытыыларынан сиэттэрэн, диспутта тэрийиҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Ойуунускай айымньытын уонна норуот сэһэнин тэҥнии тутан
чинчийиҥ. Суруйааччы сатабылын туһунан санааҕытын этэргэ
холонуҥ.
«Бу айымньы билиҥҥи кэмҥэ суолтата тугуй?» диэн дакылаат
суруйан кэмпириэнсийэҕэ кыттыҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
1. Саха драматическай тыйаатыра бу айымньыны хайдах ту-
руорбутун туһунан рецензиялары булан aaҕыҥ. Испэктээги
көрөн баран, бэйэҕит сыанабылгытын оҥоруҥ.
2. «Улуу Кудаҥса трагедията» диэн өйтөн суруйууну былааннааҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Былатыан Ойуунускай саха норуотугар оҥорбут үтүөтэ тугунан да
кээмэйдэммэт сүдү. Саха омуга бэйэтин баһын билиниитэ (сувере-
нитет), суруга-бичигэ олохсуйуута, төрөөбүт тылынан үөрэх, култуу-
ра сайдыыта, уус-уран литература сүһүөҕэр туруута — барыта кини
аатын кытта ситимнээх. П.А. Ойуунускай олоҕун барытын төрөөбүт
норуотугар анаабыта, ол туһунан бу ийэтин кэриэһигэр анаабыт хо-
һооно туоһулуур.
149