Page 146 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 146
үрэх сир дулҕатынааҕар элбэх, аҕыс үрэх баһынан ааллаһан
үөскээбит ахсаана биллибэт ураа муостааҕа, аһаҕас ыыраах-
таах ынах сүөһүтэ, биир хараҥа халлаан сулуһунааҕар элбэх,
тоҕус үрэх баһынан тоҕо анньан үөскээбит үксэ-дьүүлэ биллибэт
сыспай сиэллээҕэ, бүтэй туйахтааҕа, сылгы сүөһүтэ, бии ха-
лыҥ ыарҕа курдук хара норуота, уруу-билэ дьоно бука барыла-
ра сир сиигин курдук симэлийэ уостаннар, уу күүгэнин курдук
туман буолан көтөннөр, соҕотох бэйэтэ улуу тиит төҥүргэһин
курдук ордон хаалан, дьүдьэйэн-дьүүкэрэн, өлөр күнүгэр, кыр-
дьар сааһыгар былыргы кэнэн үйэ дьэбэрэтигэр тэпсиллэн,
үтүөтэ умнуллан, модун санаата сарбыллан, күүстээх өйө бох-
суллан, наһаа санаммыт, олус туттуммут буруйугар-сэмэти-
гэр бу айылаах буолан, илбистээх уот-чупчурҕа кылыһынан
күтэрдээн аһаан-сиэн олорбут эбит.
Ол курдук өр дуу, өтөр дуу олорон баран, биир сайын сы-
ралҕан куйаас күҥҥэ өтөҕүн муннугуттан оронон тахсан (манна
көрдөххө, ордук дьүдьэйбит-дьүүкэрбит, олус такыйбыт-намый-
быт эбит), аатын эрэ иэҕэҥнээн киирэн, Майы Баалы кытыы-
тыттан кылыһынан күтэрдээн тахсан, амынньыары хомуйан уот
оттунан, бултаабыт булдун уотугар үтэн сиэри олорбут эбит.
Сыралҕан куйаастан көхсө сылыйан, күлүмнэс сырдыктан ха-
раҕа саатан, нухарыйан барбыт. Бу буолан утуйа-утуйа уһуктан,
уһукта-уһукта утуктаан, күтэрин таһааран аһыы-сии олордоҕуна,
күйүгэс түһэн моонньун, иннэнэн тэһэ аспыт курдук, тобулу
уулаабыт. Улуу Кудаҥса онуоха (этэ тыыннаах эбит) соһуйан,
«абытай!» диэбитинэн, кылыстаах илиитинэн өҥүс баска ох-
суммут. Илбистээх уот-чупчурҕа кылыс күтүр ыйылаабытынан
кэлэн, Улуу Кудаҥса эрэйдээх моонньулаах баһын суос-соҕо-
тохто быһа охсон кэр гыннарбыт. Оҕонньор көхсө тиэрэ тарас
гына түһэн, илиитэ-атаҕа биирдэ-иккитэ ибир-ибир гыммыт,
төбөтө, сиргэ олоро түһэн баран, соһуйбут курдук, иккитэ-үстэ
иччитэ суоҕунан турулус гына көрбүт... Аар-саарга аатырбыт
Улуу Кудаҥса барахсан ол курдук өлөн хаалбыт.
Айыы хаан аймаҕыттан арахсыбыты, абааһы аймаҕар хол-
боспуту, күн өркөн ууһуттан тэйбити, илиэһэйгэ сыстыбыты, кы-
рыыска этиллибити, кырамаҥҥа турбуту ким кэлэн алтан уҥуо-
ҕун араҥастыай? Ким кэлэн көмүс уҥуоҕун көтөҕүөй?!!
Хараҥа аньыылаах, халыҥ буруйдаах Улуу Кудаҥса ку-
тун-сүрүн хайа айыы ойууна кэлэн, аан ийэ дойдутуттан араа-
ран, ийэ буор сириттэн көтөҕөн, үөһээ дьабыҥҥа утаарыай?
Куйаас күҥҥэ дыгдаччы үлүннэ, нөҥүө күнүгэр үөн-көйүүр ыс-
та, хараҕар-сирэйигэр сахсырҕа саахтаата, сытыйан барда...
146