Page 147 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 147

Икки атахтааҕы эрэйтэн быыһаары, урааҥхай саханы өлөр-
төн өрүһүйээри бу айылаах буолан сытарын ким да кэлэн кэ-
риэстээн барбата, ким да кэлэн ытыгылаан ааспата. Модун
санааламмыт буруйугар, өргөстөөх өйдөммүт аньыытыгар үллэ
сытыйда, үөн-көйүүр аһылыга буолла.

    Ол эрээри маннык улуу киһини — хараҥа аньыылааҕы, ха-
лыҥ буруйдааҕы, абааһыга холбоспуту соҕуруу халлаан сор-
суннаахтара, Улуутуйар Улуу Тойон биистэрэ күөт ыт күлүүтү-
гэр, эриэн ыт элэгэр хаалларбатылар. Тоҕус добун халлаан
уоттаах улуу холоруктарын умса ытыйаннар, сата кынаттаан,
уот дуксуурдаан түһэрэннэр, үс түүннээх күнү мэлдьи Улуу Ку-
даҥса этин-хаанын, уҥуоҕун-тириитин үлтү ытыйаннар: «Уот
сиэмэ буолан тарҕан! Бэйэҥ кэпкин кэбилээ, бэйэҥ санааҕын
саталаа! Илбис төрдө, иирээн сиэмэтэ буол!» — диэн, аан дой-
дутугар, ийэ буор сиригэр ыһан кэбистилэр. Онтон бии ил-
бистээх уот-чупчурҕа кылыс обургу мээлэ сытыа баара дуо! Үс
улуу бодоҕот уустара Тимир Бэкилэй обургулар: «Бу илбистээх
хааҥҥа тиийбит сэп мээлэ сытара сэттээх-сэмэлээх буолуо-
ҕа», — диэннэр, хоту хомуһуннаах халлаан анныттан өһөгөйдөөх
өлүү сататын өрө ытыйан таһаараннар, үс түүннээх күнү мэл-
дьи уот-чупчурҕа кылыһы күл-көмөр оҥорон, үлтү ытыйаннар
орто туруу дойдуга, ийэ буор сиргэ ыһан күдээриттилэр, алгыс
эттилэр: «Аны Улуу Кудаҥса курдук урааҥхай саха үөскээбэ-
тин! Кини курдук үс аан дойду айыллыбыт, үс күлэр кулугулара
буолбут улуу сокуоннарын уларытар өргөстөөх тыллаах, уоттаах
санаалаах үөскээбэтин!» — диэн.

    Бу курдук икки илбис сиэмэтэ орто туруу дойдуга, ийэ буор
сиргэ ыһыллалларын аҕай кытта, кулут-тойот, баай-дьадаҥы
былыргылыы-аныгылыы икки уоттаах улуу мөккүөрдэрэ өрө
күүрэн тахсыбыттар. Сорох: «Бу аата — бу баттал буолар!»
— дэспиттэр, сорох: «Бу аата — бу кырдьыгы булларбат ха-
раҥа ыйаах буолар!» — дэспиттэр. Онуоха утары сорох эттэ:
«Кэбис-кэбис! Инньэ диэмэҥ — ити Одун Хаан оҥоруута, ити
Чыҥыс Хаан ыйааҕа, халбарыйбат ыйаах, уларыйбат сокуон»,
— диэн. Сорох өттө: «Далга баппатах далаҕалар, дьиэҕэ бап-
патах дьэлликтэр, эҥин араас буолаҥҥыт чуубурҕаһан көрүҥ
эрэ! Баттал буола-буола, батталы көрдөрүөхпүт!» — диэн
таҥнары ыххайбыттар.

    Ханна да хайыс — орто туруу дойду олоҕо икки улуу мөк-
күөр күүһүнэн, икки улуу былдьаһык уотунан үктэллэнэн сай-
дан испит эбит. Күүстээх өйдөөх, модун санаалаах, биир-биир

                                                                                                                                     147
   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152