Page 152 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 152

Ыччаттарбыт! Олох ханнык да күчүмэҕэйдэригэр бэриммэт,
бигэ туруктаах дьон буола улаатыҥ.

               АЛЕКСЕЙ АНДРЕЕВИЧ ИВАНОВ—КҮНДЭ
                                      (1898—1934)

                                          «Күндэ аата сахаҕа мэлдьи күн-
                                     дү» диэн киирии тыллаан В.В. Ил-
                                     ларионов Күндэ 100 сылыгар ана-
                                     нан тахсыбыт «Кыыһар туҥат сырдыга»
                                     (2000 c.) хомуурунньугар маннык суру-
                                     йар: «…А.А. Иванов—Күндэ тыа сири-
                                     гэр ыраах Сунтаар улууһугар Хаҥалас
                                     нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата, Бучуука
                                     Өндүрэй, орто ыал сиэринэн олорбута.
                                     Кэргэнэ эрдэ өлөн, бэйэтэ хараҕынан
                                     көрбөт буолан, кыһалҕалаахтык да
                                     олордор, кыра уола Хоноһо (Күндэ оҕо
                                     эрдэҕинээҕи аата) үөрэх сырдык аар-
                                     тыгын арыйарыгар алгыы хаалбыта».
    Күндэ аҕатын алгыһын ылынан, киһи-хара буолан олорон, «Хо-
руй сурук» диэн хоһоонугар маннык хардарбыта:

                                Хараҥаҕа хаалбыт
                                Хара норуот
                                Хараҕа сырдаарай диэн,
                                Сырам баарын тухары
                                Сырдык үөрэх тылын
                                Уһанан-уһанан,
                                Уһанан-уһанан
                                Оҥорсуоҕум.
                                Ол тыл
                                Оҥоһулуннаҕына,
                                Дорҕоон охсон,
                                Доргутуохпут…

    Хоһооҥҥо эппит «ол дорҕоон улуу дойдубутун улаҕатынан
иэлийэн-тиэлийэн иһиллиэҕэ… Иһиллибит сиригэр сырдык
саппа ыһыллыаҕа, имэҥ түһүөҕэ, сырдык, үөрэх үөдүйүөҕэ»

 152
   147   148   149   150   151   152   153   154   155   156   157