Page 156 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 156
Көтөн күүгүнэтэн,
Көрүөх бэтэрээ өттүгэр,
Нэһилиэктэн
Нэһилиэккэ,
Улуустан
Улууска
Кэлэ-бара сылдьар
Кэскил бөҕө
Кэлэн турар эбит…
Тылбытын байытабыт
Тордох — былыргыга ыыһаммыт сарыынан бүрүллүбүт, оттон би-
лигин көннөрү тирии бүрүөлээх ураһа.
Артыал — дьону үлэҕэ холботолооһун, бэйэ туттар кэтэх сүөһүтүн
уопсайдаан, биир хаһаайыстыба буолан үлэлээһин.
Тимир болгуо — былыр саха уустара рудаттан уһааран ылар ти-
мирдэрин сомоҕото.
Ыарахан балта — тимири эллииргэ, таптайарга туттуллар улахан
өтүйэ.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Хоһооҥҥо Күндэ кэлэр кэмҥэ эрэлин, саҥа олохтон үөрүүнү,
дьолу күүтэрин ханнык тылларынан хоһуйарый?
2. Бу хоһоон суруллубут кэмин туһунан тугу билэҕит? Устуо-
руйа чахчыларыгар олоҕуран, хоһоон сүрүн санаатын кэп-
сииргэ бэлэмнэниҥ. Кэпсэтэргитигэр сирдэтинэр тылларгыт:
холкуостааһын, бачыым, саҥа олох.
3. Хоһооҥҥо бэйиэт тыа сирэ күүскэ сайдыахтааҕын туһунан
тоһоҕолоон суруйар, ол санааны элбэхтэ хатылыыр. Саха
олоҕо-дьаһаҕа тыа сириттэн тутулуктаах дуо?
4. Бэйиэт нууччаттан киирии тыллары үгүстүк туттубут. Кии-
рии тыллар хоһоон ис номоҕун төһө киэргэтэллэрий? Өссө
ханнык саха бэйиэттэрэ маннык истиилинэн суруйбуттарын
билэҕит?
5. Айымньыны ситэри ааҕыҥ. Санаа күүһүн туойар суолталаах
кэрчиктэри наардаан этэр ис номохторун ырытыҥ.
6. Күндэ тыл туһунан үлэлэрин билсиҥ. Төрөөбүт тылбыт өл-
бөт-сүппэт үйэлэнэрин туһугар туох ирдэнэрин туһунан са-
нааҕытын этиҥ.
156