Page 153 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 153
диэн Күндэ кэлиэхтээх кэрэ кэмҥэ эрэлин «Кэнэҕэски кэскил»
диэн хоһоонугар ааҕыаххыт.
Ааҕыы, ырытыы
Кэнэҕэски кэскил
Өктөөп
Өрөбөлүүссүйэтэ
Өтөр дуу,
Өр дуу буолбутун кэннэ,
Кэнэҕэски
Кэнчээри ыччат
Кэлэн көрбүтэ —
Аан ийэ дойдубут
Ахсынньы ыйын
Аан-даам тымныыта
Айыһыйан ахан турар,
Баай хара тыаларбыт
Бар кырыа буолбуттар.
Халыҥ-халыҥ
Хаардарбыт
Сатыы харыйалары
Самнары түһэн тураллар…
Хаспахтардаах
Халдьаайыларбыт,
Тордохтордоох
Толоотторбут
Үрүҥ хоҥурахтарынан
Үллүнэн, үллүнэн тураллар…
Алаас, алаас
Аайы
Киирэр-тахсар
Кирилиэстэрдээх,
Эпсиэйдэрдээх,
Эркиннэрдээх,
Эҥин дьикти
Дьэрэкээннэрдээх
Дьиэлэр
Дьэргэһэн ахан тураллар…
153