Page 158 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 158

Үчүгэй олоҕу
                        Үүннэриэхпит.
                        Үрэх-үрэх
                        Ууларын
                        Үүйэ-хаайа тутаммыт,
                        Уйгу-быйаҥ отторбут
                        Өнөрсүйэн үүнүөҕэ,
                        Толору астаах бурдукпут
                        Толоруйан үүнүөҕэ,
                        Сыһыы туолар
                        Сылгы сүөһүлэниэхпит,
                        Алааска баппат
                        Анах сүөһүлэниэхпит.
                        Үүт чөллөрүммүт
                        Үс дойдуну тунуйуоҕа,
                        Арыы чалларыыммыт
                        Аан дойдуга тарҕаныаҕа…
                        Халыҥ буор
                        Хараҥа түгэҕин
                        Харыыта суох баайын
                        Хаһан таһааран,
                        Халлааны суруйар
                        Хара күлүк турбалардаах
                        Баабырыкалары, собуоттары
                        Баһыгыратан кэбиһиэхпит,
                        Хара былыт чаҕылҕанын
                        Хаайа тутан ыламмыт,
                        Көлүөһэни эргитэр
                        Көлө-көлгөм гыныахпыт,
                        Күннүүрүгүм уоттарын
                        Күүстүүрүгүн тутуохпут,
                        Тыһыынчалыыр көстөн
                        Тыаһы-ууһу иһиллиэхпит,
                        Салгынныыра айылҕаны
                        Салайан-тэлэйэн тураммыт,
                        Көстөр былыты көҥүтэ
                        Көтө-оонньуу сылдьыахпыт,
                        Адаар былыты быыһынан,
                        Аан ийэ дойдуну үрдүнэн
                        Сындыыс курдук
                        Сылдьыахпыт…
                        Күүстээхийэ санаабыт

158
   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163