Page 161 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 161
эрэйин ыыппыта, сыратын быспыта, бэрт элбэх көлөһүнүн
тохпута. Кини ыарҕалары ыраастаан, тииттэри түөртэлээн,
дулҕаны быһан, үрүйэ ууларын хаайан, аҕыйах ынаҕын далын
сылын аайы тыа диэки сыҕарытан астаспытын түмүгэр, нүөл
дьылларга уонча сүөһүтүгэр оттонор ходуһаламмыта. Ол иһин,
бэйэтин дэбдэтинэ таарыйа, бэйэтин ойоҕор Кыпчыһах кыыһа
Ааныкаҕа:
— Ханнык да сири оҥордоххо сир буолар. Ити мин быраа-
тым Лоҕуй Лэгиэнтэй, сир оҥостуммакка, сирэ суох сылдьар
дии, — диэн эт сиир киэһэтигэр сэһэргиирэ.
Уулаах, үрэх баһын киһитэ буолан, дьүһүннүүн-бодолуун, та-
ҥастыын-саптыын — кэр-дьэбэр киһи. Кини маадьаҕар атах-
таах, кэтит сарыннаах, кылгас лыхаҕар моойдоох, атыыр оҕус
сүүһүн түүтүн курдук будьурхай баттахтаах, кэтит кэҥэриилээх,
хатырыктыйбыт балластыгас уостаах, кыламана суох кыараҕас
харахтаах. Оттон таҥаһа буоллаҕына — түүлээх ынах тириитэ
этэрбэһин, оһун тиэрэ түһэрэн баран, хас эмэ сиринэн эрил-
либит ииччэх талахтарынан сигэлээн кэбиспит, онон-манан
хах абырахтардаах даба баркылаах, иһин туһунан илдьирий-
бит эргэ ырбаахытын, быһахтары-хататтары, холо иилинэр
хараҕалары намылҕалаах дьирим курунан бобо тардыммыт;
тырыттыбыт халтаҥ сону санныгар бүк бырахпыт, оройунан
тобуллубут чомпой бэргэһэни сүүһүн диэки умса ууруммут.
Уулаах, төһө да дьүдьэх буолбутун иннигэр, акаары киһи
буолбатах, хата кини өйтөн тахсар биир дьоһун идэлээх. Бу
идэ — олоҥхоһут идэ буолар. Бу идэтинэн бастыҥнар кэккэлэ-
ригэр баарын туһунан туохха да хараҕа туолбатах кулуба тойон
Баһылай Доодороп бэрт элбэхтик сэһэн оҥосторо.
— Биһиги дойдуга Уулаах Уйбаан диэн олоҥхоһут баар. Ки-
нини, тас көрүҥүттэн көрөн, ама бу киһини дьахтар төрөппүтэ
буолуо дуо диэн киһи бэркиһиир киһитэ. Ол кэннэ олоҥхолоон
бардаҕына, оо, маннык кэрэ кэпсээннээх, маннык уус-уран
тыллаах киһи өлөн хаалыах бэйэтэ буоллаҕа диэн киһи аһыйар
киһитэ, — дии-дии, Доодороп улуус мунньаҕар кэлбит тойот-
торго кэпсиирэ. Оттон Уулаах, олоҥхолоон, айыы бухатыыр-
дарын ойохторун абааһы бухатыырынан уордаран ыллаҕына,
кинээс Хаппытыан Ачаарап: «Миэхэ дылы эрэйдээх-буруйдаах
уол оҕо буоллаҕа!» — диэн, өлбүт Сөдүөрэтин, Сүөкүлэтин
аһыыларын олоҥхоттон өйдөөн, ытаан барара. Оттон Уулаах
бэйэтин ойоҕо Ааныка сааһын тухары иһиттэр даҕаны: «Уулаах
бу киэһэ умса сытыйан утуктаабыт дии», — диэн, мөҥөн туран
олоҥхолоторо.
161