Page 162 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 162

Сайыҥҥы килбиэннээх кэрэ күн киэҥ халлаан кэтит өрөһө-
түгэр тиийэн турбута. Киэҥ үрэх үрдүк хайаларын үрдүлэринэн
иилии түһэн барбыт сис тыа дьылҕан тииттэрин күөх лабаа-
лара кыра соҕус сиккиэр тыалтан күөгэлдьиһэн-нусхалдьыһан
хамсыы тураллара. Ыры-чып ырыалаах күөрэгэй чыычаахтар,
күөх куйаар иһигэр көтөн тахсан, бигээн-бигээн биир сиргэ
тохтоон, күндү күөмэйдэринэн көрүлүү-нарылыы сылдьалла-
ра. Хантан эрэ, былыргы ааспыт сайыннары санатардыы, кэ-
ҕэ саҥата дуораһыйара. Хонуу барыта, сиидэһи тиирбиттии,
дьэрэкээн ойууланан көстөрө. Айылҕа минньигэс сыттара са-
быта биэрэллэрэ. Оттон Уулаах буоллаҕына, айылҕа маннык
кэрэ киэргэлин сэргэҥнээн көрө-истэ испэккэ, ырбыт ат кур-
дук, төбөтүн умса туттан, хааман дьүккүйэн испитэ.

    Бу иһэр Уулаахха туох эмэ өй-санаа баара дуо? Баара...
Кини ревкомнар сири «дууһа» баһынан түҥэтэллэрин саныыра
уонна Дьаҕа баһыттан арахсарын дуу, арахсыбатын дуу өйдүү
сатыыра. «Арай Доодороптор Кустаахтарыттан эбэтэр Ачаа-
раптар Тураҥнаахтарыттан үс өлүүбүн биэрдиннэр, оччоҕо
хаарыан балаҕаным, хаарыан далым хаалаллар дии», — диэн
төбөтүн тарбанар. «Чэ-чэ, кэбис, улахан сиэтин, бэйэм киэнэ
бэйэбэр... Эмиэ ити хара ньүкэн баайдар хатыылаах харах-
тарыгар туора баайыллан биэрдэхпиний? Бостуой, Уулаахха
бэйэтин бырааттара, Өргөстөй үс уола, үчүгэй дойдуну уган
биэрдилэр диэн, өс-саас буола сылдьыа!», — диэн, Уулаах
Дьаҕа баһыттан арахсыбат санааны ылла.

    — Оо, татат! — диэн, ат туйаҕын тыаһа кэннигэр тибигирээн,
аарык тыаһа кыыгынаан кэлбитигэр, Уулаах хаһыырбытынан эр-
гиллэ түһэн көрбүтэ: Хаппытыан Ачаарап күн уотугар күлүмнүү
тыкпыт көмүс ыҥыырдаах, хара сиэллээх-кутуруктаах тураҕас
ат үрдүгэр үргэммит анды түөһүн курдук ыыс-араҕас сирэ-
йигэр кыырыктыйан эрэр бытыктара бырдьайан олорор эбит.

    — Уулаах, киһини көрдөххүнэ, абааһыны көрбүт курдук, са-
рылыы түһэр буолбуккун дуу? — Ачаарап тойон бүтэ уойбут
күөмэйинэн бааҕынаата.

    — Ээ суох... Ити, өйдөөмүнэ иһэн, соһуйдум ини... Хаппы-
тыан, тугу иһиттиҥ?

    Ачаарап, ону-маны кэпсэппэхтээн иһэн, ханна баран иһэрин
туһунан ыйыппытыгар, Уулаах мунньахха баран иһэрин кэп-
сээтэ.

    — Ээ, «тойонуом», бырастыы гын! Алҕас ыйыппыппын... Ар-
ба, эйигинэ суох мунньах буолбат буолла этэ дуу? — Ачаарап
кинээс уһун умнастаах таас хамсатын ылан көмүс ыҥыыр бүр-

 162
   157   158   159   160   161   162   163   164   165   166   167