Page 157 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 157

Тыыннаах тыл

       Хоһоон суолталаах кэрчиктэрин наардаан, хас биирдии көстүү-
       лэрин этэр ис номохторун айымньыга чугаһатан кэпсээҥ.
       Бу хоһоону бүгүҥҥү олохпутун кытта тэҥнээн көрүҥ. Бэйиэт ин-
       никини сылыктаан өтө көрбүтэ туолбут дуо?

Анаан дьүүллэһии

    Биллэрин курдук, саха суруйааччылара саҥа олоҕу уруйдуур
ис хоһоонноох айымньыларын айылҕа уһуктуутун, сайын кэлии-
тин, күөххэ үктэниини кытта ситимнииллэр (холобур, Алампа
«Төрөөбүт дойду»). Бу хоһооҥҥо ол суох, арай бэйиэт «кэлиэх-
тээх кэрэ кэскили» тоҕо эрэ кыһын уобараһыгар холуур:

                            «Аан-даам тымныыта
                            Айыһыйан ахан турар,
                            Баай хара тыаларбыт
                            Бар кырыа буолбуттар.
                            Халыҥ-халыҥ
                            Хаардарбыт
                            Сатыы харыйалары
                            Самнары түһэн тураллар…»

    Хоһоонтон быһа тардыы эһиэхэ туох санааны үөскэтэрий?
«Тиҥиргэһэллэр, ынчыктаһаллар, хаахыныыллар» — бу тыллар
суолталарын хоһоон ис номоҕор чугаһатан быһаарыҥ, Күндэ ити
уобарастарынан ааҕааччыларыгар туох санааны тириэрдиэн ба-
ҕарбыта буолуой? Олох балысхан сайдыытын үтүө уонна мөкү
өрүттэрин уруокка кэпсэтиҥ.

Ааҕыы, сэһэргэһии

                                             ***

                         Күүстээхийэ санаабыт
                         Күтүр улахан
                         Оҥоһууну
                         Оҥорон тэрийэн кэбистин!...
                         Үрдүк үтүө үөрэҕи
                         Үүннээн-тэһииннээн сылдьаммыт,

                                                         157
   152   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162