Page 160 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 160
СЕМ¨Н СТЕПАНОВИЧ ЯКОВЛЕВ—ЭРИЛИК ЭРИСТИИН
(1892—1942)
«Эрилик Эристиин айымньыларын
дьоруойдарын саҥалара букатын тус-
туспалар, тыыннаах дьон бу кэлэн
кэпсэтэ туралларын курдуктар. Оттон
айылҕаны эгэлгэ-эриэккэс тылынан хо-
һуйуутун, тэҥнэбиллэрэ чаҕылхайын,
баайын, айымньыларга ойууланар дьон
хараактардара арылхайын туһунан этэ
да барбаппын».
Н.Н. Тобуруокап
Ааҕыы, ырытыы
Кэриэс туолуута
(Кылгатыллыбыта)
I глава
Уулаах Уйбаан, сиһиктээх систэри бысталаан, адырҕайдаах
аппалары туораталаан, ырааһыран ыла-ыла ыбыллаҕастаммыт,
ыллыга-аартыга бүөлэммит Дьаҕа баһын ыырыттан тахсан,
дьиэрэҥкэйдиир тиҥилэх тиэрийбит дьэрэкээннээх хонуулар
устун, атаралыыр атах айгыстыбыт айан суолугар киирэн кэл-
лэ уонна, сыһан-соһон испит атахтарын сынньата таарыйа,
аа-дьуо хааман, Өргөннөөх үрэҕин үс салаатыттан биирдэрин
таҥнары тутан, бара турда. Кини бу Дьаҕа үрүйэ быыһыгар
хоспох саҕа хотонноох, куруук кур киилээх, ыт уйатын саҕа
ыыспаттан бур-бур буруо таһааран, ыал буолан олорор этэ.
Нэһилиэк бастыҥ баайдара Доодороптор, Ачаараптар тоҕо
биирдии бэйэлэрэ тыһыынчалыы остуолбанан төгүрүктэнэр
биэстии-алталыы нүөл алаастары бас билэн олороллорун, то-
ҕо кини Дьаҕа баһыгар дойдуламмытын тустарынан хаһан эмэ
өйүгэр оҕустардаҕына даҕаны: «Бу таҥара ыйааҕа буоллаҕа», —
дии саныыра. Онон, бу «таҥараттан ыйаахтаах» сирин айыл-
ҕатын бэйэтин сыратынан уларытаары, Уулаах бэрт элбэх
160