Page 165 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 165

раабыт толоонун аа-дьуо туоруурун кытта, тумул тыа үрдүнэн,
сэндэҥэ күөх титириктэри быыстарынан, Өргөннөөх таҥара-
тын дьиэтин кыһыл көмүс кыырпаҕынан кырааскаламмыт ки-
риэстэрэ, үрүҥ көмүс үрүмэтинэн дуйдаммыт куолакаллара
күлүмнээн-күндээрэн, күн уотугар чаҕылыйан көстүбүттэригэр,
кириэстэнээри, сүүһүгэр умса ууруммут чомпойун устан эр-
дэҕинэ, кэннигэр ат туйаҕын тыаһа дибдийдэ. Кириэстэнэрин
тохтотон, эргиллэ түспүтэ: ревком председателэ Кыра Хабы-
рыыс иһэрэ көһүннэ. Кини үрдүк уҥуохтаах, кэтит сүүстээх,
түргэн-түргэнник элэгэлдьиччи көрбүт сытыы харахтаах, сүүр-
бэтиттэн эрэ тахсан эрэр оҕо киһи этэ.

    — Убаай! Тугу иһиттиҥ? — кини Уулаахха үөрэ-көтө кэллэ.
    — Тугу истиэм буоллаҕай? — Уулаах, ол аайы куттанан өк-
чөрүйбэккэ, кэпсэтэн барда.
    Барыны бары кэпсэттилэр. Онтон салгыы Уулаах урут тө-
рөөбүт убай солотунан сэмэлээн барда.
    — Аҕаҕытыгар, Өргөстөй бокуонньукка дылы, быһаҕы бии-
титтэн өрө салааҥҥыт, куһаҕан, тулаайах оҕолор быһыыла-
рынан таах да сукуҥнаан сылдьыбаккыт. Ити хара ньүкэн
санаалаахтары иннилэрин хаһан ылаары тииһэҕит... Аҕаҕыт
Өргөстөй бокуонньук эһигиннээҕэр быдан өйдөөх-санаалаах,
кыайыылаах тыллаах киһи этэ. Оннооҕор кини биир эмэ тыла
тиллибэккэ өлбүтэ. Мин, кини өлбүтүн эрэ кэннэ, сынньалаҥ-
нык олорон, уонча сүөһү баһын биллим...
    — Оо, эрэйдээҕим сыыһа, олоҥхолоотоххуна син өйдөөх
киһи буолан баран, онтон атыҥҥа акаары киһи буолаахтаа-
таҕыҥ. Ол биһиги аҕабыт үйэтин уонна билиҥҥи үйэни сатаан
араарбаккын ээ. Билигин революция... билигин былаас биһиги
илиибитигэр, ону өйдөө, — Кыра Хабырыыс, Уулааҕы күлэ-
күлэ, кэнниттэн хаамтаран истэ.
    — Чэ-чэ, ээх! Сэбиэскэй былаас эһигинэ да суох, бөҕөргүөх
буоллаҕына, бөҕөргүө этэ... Хата ити ыт майгылаахтарга, ыар
санаалаахтарга туох эрэ алдьархайын оҥортороргут буолуо ээ.
    Кыра Хабырыыс, Уулааҕы өйдөтөн, элбэҕи кэпсээн барда.
Баайдары утары кыра дьон барыта турдаҕына, Советскай бы-
лаас бөҕөргүөҕүн кэпсээтэ. Онтон дьадаҥы бааһынайдары си-
ринэн баайдар баттыылларын үлтүрүтүү маҥнайгы сорук буо-
ларын кэпсээтэ.
    — Суох ... суох... Эн миигин өйдөтө сатаама. Мин, дьадаҥы
буолан, Дьаҕа баһыгар олорбутум иһин, итини барытын өй-
дүүбүн. Ол эрээри баайдар, тыа кыылын курдук, кутталлаах
дьон. Тыын тыыҥҥа харбас. Кинилэр айахтарыгар урут эһиги

                                                                                                                                     165
   160   161   162   163   164   165   166   167   168   169   170